Кулун тутар 25-26 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ киинигэр Muus uSTAR ыччат бэстибээлэ ыытыллар.
Кулун тутар 25 күнэ, бээтинсэ:
10.00-17.00 ХИФУ (Кулаковскай уулуссатын 48). «Эдэр учуонай» трек чинчийээччилэрэ уонна саҥаны айааччылара «Ыччат, наука, урбаан» быыстапкаҕа үлэлэрин көрдөрүөхтэрэ.
11.00-12.30, Анал идэҕэ урутаан бэлэмниир киин (Крупскай уулуссатын 13). «Союзмультфильм» устуудьуйатын дириэктэрэ Борис Машовцев «Чебурашка: бэҕэһээ, бүгүн, сарсын» диэн маастар-кылаас ыытыаҕа.
11.00-16.00, «Россия – мин историям» музей (К.Д. Уткин уулуссатын 5). Арт-эбийиэктэри оҥорорго маастар-кылаас.
11.00-16.00, А.Е.Кулаковскай аатынан Доҕордоһуу дьиэтэ (Дзержинскай уулуссатын 13). Этно-квест.
14.00-15.30 Дьокуускайдааҕы балетнай оскуола (Ленин проспегын, 46/2). Хореограф, режиссер, телевидениеҕэ үҥкүү шоуларын, мюзикллары туруорааччы Егор Дружинин маастар-кылааһа.
15.00-16.30, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиацентр (Орджоникидзе уулуссатын 31). Tik-Tok-блогер Фросик Фрося, Instagram-блогер Елена Саморукова, «Матч ТВ» ыытааччыта, блогер, «50 вопросов» YouTube-ханаал ааптара уонна ыытааччыта Карен Адамян социальнай ситимнэргэ креативнай контены оҥоруу туһунан кэпсэтии ыытыахтара.
16.00-17.30, АГИКИ (Орджоникидзе уулуссатын 4). Стилист Гала Борзова дизайн уонна муода туһунан маастар-кылаас ыытыаҕа.
16.00-18.00, «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһа (Орджоникидзе уулуссатын 28). Хаҥалас ДЮСШ, «Бриллианты Туймаады», «Либерти», «Сардаана», «Сияние», РОФСО «Кристалл» спортивнай кулууптар гимнастара кэнсиэр көрдүөхтэрэ.
18.00-19.00, АГИКИ (Орджоникидзе уулуссатын 4). Муода көрдөрүүтэ уонна ювелирнай оҥоһуктар дизайнердарын быыстапкалара.
Кулун тутар 26 күнэ, субуота:
11.00-15.00, «Модун» спортивнай комплекс (Киров уулуссатын 20/1). Мас тардыһыыга маастар-кылаастар.
15.00-15.40, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһа (Лермонтов уулуссатын 64/1). 2014 сыллааҕы олимпиадаҕа фигурнай хаҥкылааһыҥҥа соҕотохтуу киирсиигэ дьахталларга чемпион Аделина Сотникова фигурнай хаҥкылааһыҥҥа маастар-кылаас ыытыаҕа.
Muus uSTAR бэстибээл сүрүн тэрээһинэ «Триумф» спорт киинигэр ыытыллар. Регистрация 16.00 чаастан саҕаланар. Бэстибээл сүрүн бырагыраамата 18.00 чааска буолар.