«Муус Устар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «СулуСТАР» ырыа күрэһэр Ньурба улууһун олохтооҕо Павел Николаев кыайда.
Павел Николаев салайааччыта — Анастасия Готовцева. Павел «Лучший город земли» ырыаны толорбут. Ону тэҥэ, көрөөччү биһирэбилин Амматтан төрүттээх Аина Ильина — Kakitoka ылла. кыайыылаахтары уонна финалистары СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччыта Марина Силина эҕэрдэлээтэ.
«Кыайыылаахтар харчынан бириис ылыахтара, оттон ырыалара «Саха» НКИХ араадьыйатыгар иһиллиэҕэ. Ону таһынан, кыттааччылар эстрада тыйаатырын кэнсиэрин бырагырааматыгар кыттыахтара», — диэн Марина Силина эттэ.
Санатан эттэххэ, күрэскэ уопсайа 40 сайаапка киирбит. Полуфиналга 15 киһи, оттон финалга — биэс киһи киирбит. Куонкурус чэрчитинэн, кыттааччылар вокал уруогар сырыттылар, сценическэй артыыстааһыҥҥа үөрэннилэр.