Олимпийскай чөмпүйүөн Никита Нагорнай «Саха сирин ыччата! Биһиги бэлэммит!» ГТО күрэҕин финалыгар сырытта.
«Аан бастакытын маннык кыайыыга эрэллээх оҕолорго ыалдьыттыыбын. Саха сиригэр тустуу көрүҥүнэн ордук дьарыктаналларын өйдүүбүн, ол эрээри, ГТО күрэхтэһиитин көрөбүн, оҕолор түмсэн кыайыы иһин күөн-көрсөллөнр уонна кыайаллар. Ол иһин, бэйэм кыайыыга талаһарым курдук, оҕолор кытаанах эрэллээхтэрин бэлиэтии көрдүм», — диэн аатырбыт спортсмен эттэ.
Ону тэҥэ, күрэхтэһиигэ художественнай гимнастка Лала Крамаренко уонна Олимпийскай чөмпүйүөн Ксения Дудкина ыалдьыттаатылар. Ксения Дьокуускайы таптыырын туһунан уонна бэйэтэ балтараа сыл олоро сылдьыбытын туһунан эттэ.
Лала Крамаренко Дьокуускай куорат уонна Москва халлаанын туругун уратытын бэлиэтээтэ уонна тэрээһиннэр кэннэ кэрэхсэбиллээх сирдэри кэрийэргэ эрэнэрин эттэ.