Өлүөхүмэ, Нам улуустарыгар халаан уутун содулун көрөн, киһи долгуйар, хараастар. Онон дьон-сэргэ уталыппакка эмсэҕэлээбиттэргэ бэйэтин көмөтүн тиэрдэргэ сорунар. Дьокуускай куоракка көмөнү ханна тиэрдиэххэ сөбүй? АГАТУ-га уонна куорат килбэйэр киинигэр Идэлээх сойуустар дьиэлэригэр туттарыахха сөп.
Мин бэйэм кыра көмөбүн тиэрдэ таарыйа, хайдах үлэлии олороллорун билистим. Курашов аатынан уулусса 24-с дьиэтигэр, 405 кэбиниэккэ Нам улууһугар көмөнү туталлар. Бакыаппын ылан баран, испииһэккэ, сөбүлэһиигэ суруйтардылар, илии баттаттылар. Манна тугу аҕалбыккын, быһа холоон сууматын суруйар эбиккин. Көрдөххө, сорох тэрилтэлэр 80-нуу тыһыынчалаах көмөнү оҥорбуттар.
Саргылаана Неустроева, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабын салайааччы:
— Бу иннинэ муус устарга Орскайга көмөнү эмиэ хомуйбуппут. Онно 5 туонна 300 киилэни ыыппыппыт. Саха сиригэр халаан иэдээнэ саҕаланаатын, ыам ыйын 13 күнүгэр ыстаабы арыйбыппыт. Өлүөхүмэ землячествота, чуолаан Кыыллаах нэһилиэгэ, үчүгэйдик үлэлээтилэр. Волонтердар кэлэн көмөлөстүлэр. Уопсайа 1,6 туонна ааспыт нэдиэлэҕэ барбыта. Бүгүн 1 туонна курдук таһаҕас Өлүөхүмэҕэ баран эрэр. Тырааныспар министиэристибэтэ босхо илдьэн биэрэр.
Онтон ыам ыйын 18 күнүттэн Намҥа хомуйан саҕалаабыппыт, бэҕэһээ 3 туоннаны ыыппыппыт. Бүгүн 1 туонна 82 киилэ барда. Чугас буолан, күнүнэн ыытан иһиэхпит.
Аахсыйаны аан бастаан Ил Түмэн дьокутааттара саҕалаабыттара. Кинилэр көҕүлээн, онтон дьон, тэрилтэлэр кыттыһан, Өлүөхүмэ улууһугар көмө хомуллубута. Билигин Нам улууһугар көмөҕө дьокутааттар эмиэ көхтөөхтүк кытталлар.
Бүгүн 80-тан тахса киһи кэлэ сырытта. Чааһынай дьон, ол быыһыгар тэрилтэлэр бааллар. Биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ наһаа үчүгэйдик үлэлииллэр. Холобур, тиэйэн ыытыыга көмөлөһөллөр. Өлүөхүмэ, Нам землячестволара түргэн баҕайытык кэлэн, көмөлөһө охсубуттара. Бэһэҕээ Намҥа тырааныспар министиэристибэтин массыынатынан илтэрбиппит. Бүгүн Хатырыктан бэйэ дьарыктаах уол Олег Тимофеев таһаҕас массыынатынан 1 туоннаны тиэнэн илдьэ барда.
— Туох таһаҕас, тэрил билигин нааданый?
— Билигин ити туһунан элбэх киһи ыйытар. Бэҕэһээ Намнары кытта анаан сибээстэһэ сылдьыбыппыт, чопчу туох наадатын билээри. Бастатан туран, бородуукта, иккиһинэн, утуйар таҥас (суорҕан, сыттык, бырастыына, суорҕан хаҕа, матараас, о.д.а.), тус гигиена тэриллэрэ уонна, биллэн турар, таҥас-сап. Оҕо таҥаһа, анал аһа, памперса олус наада. Кыаллар буоллаҕына, саҥа таҥас үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии, ол эрээри, ыарахан кэмҥэ саҥатык таҥаһы сууйан-тараан аҕалалларын тутабыт.
Бу кэпсэтэ олордоххо, дьон быыстала суох кэлэ турар. Оннооҕор, илии баттыырга уочараттаатылар. Икки кыыс гаас билиитэлэрин, хоруопкалаах баллоннарын туппутунан, киирэн кэллилэр.
— Гаас билиитэтин, баллоннарын аҕаллыбыт. Халаан иэдээнэ диэни бэйэбитинэн билэбит, Өлүөхүмэ улууһуттан сылдьабыт. Бастаан төрөөбүт дойдубутугар көмөлөспүппүт, бу Нам улууһун дьонугар бүгүҥҥү күҥҥэ саамай наадалаах тэриллэри аҕаллыбыт, — диэн Марина Ушницкая, Сахаайа Макарова кэпсээтилэр.
Бу курдук, ыксаллаах кэмҥэ дьон-сэргэ түмсэ түһэн, төһө кыайарынан көмөнү оҥорор. Эһиги да туора турумаҥ, куорат киинигэр баар ыстаапка аҕалан, туттарыаххытын сөп. Көмөнү наадыйар дьоҥҥо күн аайы ыытан, тиэрдэ тураллар.