Ыам ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ПАУо 35 суудуната номнуо быйылгы навигацияҕа үлэлээн эрэр.
Ленскэй уонна Бүлүү умнаһын улуустарыгар анаан 23,6 тыһыынча туонна таһаҕас суудуналарга тиэлиннэ. Билиҥҥитэ суудуналар Витим бөһүөлэгин эргин бааллар. Бакаа муус барыытын кэтэһэн тураллар. Маны таһынан көмүөл ааста даҕаны, Витимтэн Дьокуускайга тутуу матырыйаалын тиэммит СОТ-1109 айанныахтаах. Бу суудуна бастакынан Дьокуускайга кэлэрэ күүтүллэр.
Осетровоҕа ньиэп бородууктатын тиэйии салҕанар. Ыам ыйын 17 күнүгэр МН-1701 баржалаах «Ульяна Громова» буксир кэлбитэ.
Билигин Осетрово пордугар МН-1703 баржалаах «Механик Маслюк» танкер чугаһаата.
«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ПАУо пресс-сулууспата