Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ыам ыйын 17-24 күннэрэ)

ХОЙ

Туохха барытыгар санааны уурдахха ситиһии кэлэрин өйдөөҥҥүн, туттумахтаан хаалыаххын наада. Үлэҕинэн үрдүүргэр табыгастаах кэмнэр. Тус олоххор уларыйыы суох.

ОҔУС

Тугу эрэ саҥаны саҕалыаххын, биисинэс туһунан толкуйдуоххун саарбахтыыр санаалар баһыйаллар. Олус элбэҕи оҥорон көрөртөн ситэ сайдыбат курдуккун. Санаабыт дьыалаҕар ылсан иһэртэн куттаныма.

ИГИРЭЛЭР

Санаабыт санааҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр бары күүскүн ууруох­хун наада. Оннук гымматаххына, баҕа санааҥ санаа эрэ быһыытынан хаалан хаалыан сөп. Чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ төһүү күүс буолуон сөп.

АРААК

Дьиэ кэргэҥҥэр дьэ ил-эйэ, өйдөһүү баар буолбут. Эн куруук суоҕу, ханна эрэ ырааҕы манаан элбэх бириэмэни халтайга атаарбыккын. Ол эрээри билигин даҕаны барытын орун-оннугар түһэрэргэр, чугас киһигиниин уопсай тылы буларгар бириэмэ баар.

ХАХАЙ

Бэйэҥ да, чугас да дьонуҥ сылайбыттар. Аҕам саастаах аймахтары, оҕолору кытта уопсай тылы булуу уустугурбут. Бэйэҥ эрээппиккин өрө тутума, олоҕу арыый киэҥник көрөн, дьоҥҥо тулуурдаах буоларга дьулус.

КЫЫС

Ардыгар чуҥкуйаҕын, ардыгар туох­ха да бириэмэ тиийбэт курдук буолар. Ол эрээри эн олус үчүгэй кэмҥэ сылдьаргын ситэ өйдүү иликкин. Сөбүлүүр дьарыккын буллаххына, көтүөххүн кынатыҥ эрэ суох буолуоҕа.

ЫЙААҺЫН

Чугас аймахтарыҥ эн көмөҕөр, сүбэҕэр наадыйыахтарын сөп. Эн истиҥ сыһыаныҥ, түс-бас тылыҥ өйөбүл, кимиэхэ эрэ суолун да арыйыан сөп.

СКОРПИОН  

Успуорка, үөрэххэ, үлэҕэ ситиһии эрэ күүтэр. Эйигиттэн тулуур уонна бириэмэни сатаан аттарыныы ирдэнэр. Суолтата суох дьыалаҕа бириэмэҕин мээнэ барыыргын тохтот.

ОХЧУТ

Таптал иэйиитигэр куустарыаҥ. Өр кэм устата чуҥкуйбут сүрэҕиҥ долгуйуо. Соһуччу бэлэх тутан дьоллонуоҥ. Сыһыаҥҥыт салгыы хайдах сайдара, эйигиттэн тутулуктааҕын умнума.

ЧУБУКУ

Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Харчыга харыстабыллаахтык сыһыаннас, мээнэ ыһар-тоҕор, туһата суох малы-салы атыылаһар наадата суох. Ол кэриэтин кыратык мунньунан, туох эбит үчүгэйи атыыласпытыҥ быдан туһаны аҕалыа.

КҮРҮЛГЭН

Хопко-сипкэ кыттыспакка, чуумпутук сылдьыбытыҥ ордук. Онто суох кыттыһыа да суоххар кыттыһыннарыахтара, сылдьыбат да сиргэр сырытыннарыахтарын сөп. Хас илэ-сала көтөр доҕор ахсын бэрт буолан иһимэ.

БАЛЫКТАР

Сөбүлээбэт дьыалаҕар сыһыан­наах боппуруоска болҕомтолоох буол. Докумуон толоруутугар, дьону кытта сыһыаннаһыыга сэрэхтээх буол, уган биэриэхтэрин сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ айылҕаҕа сылдьан сынньанар наадатын өйдүөҥ.

+1
2

+1
0

+1
0

+1
1

+1
0

+1
0

+1
0

Источник: Саха Сирэ

ТАР5АТ: