Муус устар 25 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан «Ленатурфлот» ХЭУо «Нептун» суудуналарын сырыылара саҕаланна. Бу туһунан «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ПАУо пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суудуналара 203 микрооройуонтан (Ларионов уул., 16) айанныыллар. Тарыып – 1500 солкуобай. Оттон сайын навигация кэмигэр 500 солкуобай буолуоҕа.
20%-наах чэпчэтии сэрии бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар, элбэх оҕолоох ыалларга оҥоһуллар. Маны таһынан «Алмаасэргиэнбаан» АКБ «Свои» бырагырааманан чэпчэтии көрүллэр.
Сиһилии 89679250006 нүөмэринэн билсиҥ.
edersaas.ru