Сэтинньи 24 күнүгэр А.С. Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэргэ көмөнү хомуйар сыалтан испиктээкил көрдөрүөҕэ. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тыйаатыр дириэктэрэ уонна уус-уран салайааччыта Александр Лобанов кэпсээбитинэн, биир бастыҥ, элбэх дьон сылдьыбыт испиктээкилин туруоруохтара — «Капитанская дочка».
«Бу биһиги ытык иэспит буолар. Ханнык баҕарар артыыс хайа баҕарар кэмҥэ бэйэтин талаанынан, дьоҕурунан дьоҥҥо көмө буолуохтаах. Ол иһин биһиги Александр Пушкин „Капитанская дочка“ арамаанынан испиктээкил туруорарга быһаарынныбыт, билиэттэн киирбит харчыны барытын ДНР-га уонна ЛНР-га ыытыахпыт», — диэн Лобанов эттэ.
Сүрүн оруоллары Евгений Кузьмин, Екатерина Зорина, Дарья Рокачева, Влад Мичурин, Александр Лобанов оонньуохтара. Александр Пушкины Степан Федоренко оонньуоҕа.