Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ “Обращайся” саҥа сыһыарыыга аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Пресс-кэмпириэнсийэ модератордара – “Журфикс” сурунаал эрэдээктэрэ Яна Угарова уонна суруналыыс, психолог Яна Байгожаева.
«Сахавизион» IT-хампаанньа саҥа “Обращайся” мобильнай сыһыарыыны оҥордо. Статистика көрдөрбүтүнэн, балаҕан ыйыгар “Обращайся” сыһыарыы Арассыыйаҕа АррStore платформаҕа 35-топ сыһыарыы иһигэр киирдэ.
“Обращайся” метасреданы туһанааччылар араас сонуннары ааҕыахтарын, бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэтиэхтэрин, олохтоох биисинэс өҥөлөрүнэн туһаныахтарын, былаас оройуоннааҕы уорганнарыттан тустаах боппуруостарын быһаартарыахтарын сөп.
Бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрбит Петр Бурцев эппитинэн, саҥа сыһыарыынан ким баҕарар, биисинэс уонна былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ туһаныахтарын сөп. “Обращайся” электроннай почта, мессенджердар уонна социальнай ситимнэр функцияларын холбуур.
Ону таһынан, сыһыарыы сыалынан-соругунан олох-дьаһах боппуруостарын быһаарыыны судургутутуу, онуоха сөптөөх усулуобуйаны оҥоруу, судаарыстыбаннай, муниципальнай тэрилтэлэр, биисинэс үлэлэрин көдьүүһүн үрдэтэллэригэр саҥа кыахтары биэрии буолаллар.
Саҥа сыһыарыы уратыларын креативнай дириэктэр Дора Балданова, бырайыак тиэхиньиичэскэй дириэктэрэ Юрий Сивцев, генеральнай дириэктэри солбуйааччы Александра Стручкова билиһиннэрдилэр.
Кэмпириэнсийэҕэ метасреданы бастакы туһанааччылар: “Көмүлүөк” фирма салайааччыта Ольга Григорьева, юрист Сандаара Кулаковская, Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин баһылыга Игорь Николаев, “Вива Тур” (Сочи) туристар фирмаларын бэрэстэбиитэлэ Алена Горбунова, “Рекрут” хампаанньаны тэрийээччи Вячеслав Решке уо.д.а. кытыннылар.
Пресс-кэмпириэнсийэ түмүгэр тэрийээччилэр интэриэһинэй ыйытыыны биэрбиттэргэ анал бириистэри туттардылар.