Олоҥхо декадатын чэрчитинэн 60-тан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа — НВК Саха

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олоҥхо декадатынан 60-тан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.

Иһитиннэриини СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин тириэртэ.

«2006 сылтан сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр, онон тэрээһиннэр тиһиктэрэ биир декада бырагырааматыгар киирдилэр. Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ыытыллыаҕа. 66 тэрээһин ыытыллара былааннанар», — диэтэ кини.

Маны таһынан, улуустарга Олоҥхо декадатыгар аналлаах бырагырааманы бигэргэттилэр.

Владислав Левочкин бэлиэтээбитинэн декадаҕа киирбит тэрээһиннэртэн үгүстэрэ бастакытын ыытыллыахтара. Ол курдук, 7-10-с кылаас үөрэнээччилэригэр Олоҥхо олимпиадата буолуоҕа.

Саҥа таһаарыылар, ону тэҥэ «Олоҥхону ааҕабыт, истэбит уонна үөрэтэбит» мобильнай сыһыарыы сүрэхтэниэхтэрэ.

Декада кэмигэр былааҥҥа испиктээкиллэр, куонкурустар, быыстапкалар бааллар, төгүрүк остуол ыытыллыаҕа. Тэрээһиннэргэ QR-кодунан киллэриэхтэрэ.