“Олоҥхо дьыктаана – 2024” Ытык Күөлгэ

Сылын аайы бу кэмҥэ буолар олоҥхо декадатын чэрчитинэн бэҕэһээ «Олоҥхо дьыктаана — 2024» улуустааҕы «Сарыал» культура киинин тэрийиитинэн ыытылынна.

эрээһиҥҥэ сааһыттан, идэтиттэн тутулуга суох баҕалаах барыта кыттарынан А.Е.Мординов аатынан лицейтэн 10-с кылааһын үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, тэрилтэлэртэн үлэһиттэр, 77 саастаах дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ — таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн билиилэрин тургутааччылар муһуннулар.

Дьыктааны «Сарыал» КК дириэктэрин солбуйааччыта Мотрена Григорьевна Сунхалырова улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай «Ньургун Боотур» олоҥхотуттан лоп-бааччы ааҕан суруйтарда.

Түмүккэ дьыктаан суруйбут дьон бары туоһу сурук туттулар. Түмүгэ бэрэбиэркэ кэнниттэн сотору кэминэн тахсыаҕа.

Источник: https://t.me/taattagazeta/26464

ТАР5АТ: