Олоҥхо ыһыаҕар Россия биэс куоратыттан уонна алта тас дойдуттан ыалдьыт кэлиэ

Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо Ыһыаҕар Россия биэс куоратыттан уонна алта тас дойдуттан 40-тан тахса ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии боппуруоһун СӨ вице-премьерэ Сергей Местниковы кытта тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар дьүүллэстилэр.

«Киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ 20 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлиэ. Россия биэс куоратыттан уонна алта дойдуттан 43 киһи кыттара былааннанар. Олоҥхо ыһыаҕар Азербайджантан, Арменияттан, Индияттан, Киргизияттан, Кореяттан уонна Монголияттан, итиэннэ Алтаайтан, Бурятияттан, Тываттан, Калмыкияттан уонна Москваттан ыалдьыттар кэлэллэрэ былааннанар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Быйылгы ыһыах Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уонна дойдулар, норуоттар икки ардыларыгар култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн «Олоҥхо. Духуобунас — Дьиэ кэргэн. Уопсастыба — Ийэ тыл» диэн ытык өйдөбүллэринэн салайтарыа.

Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар 100-тэн тахса тэрээһин киирдэ.

Ыалдьыттар Ийэ олоҥхоһуттары эт кулгаахтарынан истиэхтэрэ, Саха сирин иистэрин-уустарын быыстапка-дьаарбаҥкатыгар сылдьыахтара, күнү көрсүү, кымыһы иһии, арчыланыы уонна ыраастаныы сиэригэр-туомугар кыттыахтара.

Сергей Местников тырааныспарынан хааччыллыы, суолга-иискэ сэрэхтээх буолуу, санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһуу, аһы-үөлү тэрийии уонна ыалдьыттары көрсүү боппуруоһугар улахан болҕомтону ууралларыгар соруйда.

Олоҥхо ыһыаҕа быйыл Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыа.