«Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» бырайыак көмөтүнэн 10 тыһ. киһи үлэнэн хааччыллыбыт

2022 сыл 9 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр «Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 10 тыһыынча киһи үлэнэн хааччыллыбыт, мантан улахан аҥаара — 35-гэр диэри саастаах ыччат дьон. Бу — былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 19 %-нан элбэх.

«Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» бырагыраама Саха сириттэн төрүттээх эдэр ыччаттан үгүстэрэ бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэҕэ киирэллэрин, бу тэрилтэлэр биэрэр кыахтарын, өҥөлөрүн толору туһаналларын туһугар саҕаламмыта», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эппитэ. Сыл саҕаланыаҕыттан бу бырайыак чэрчитинэн, 10 тыһыынчаттан тахса киһи үлэҕэ киирбит, олортон 5408-һа ыччат дьон. Ону тэҥэ, 3735 киһи баахтанан үлэҕэр наймыласпыт.

Бүгүҥҥү туругунан бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр 36 тыһыынчаттан тахса олохтоох дьон үлэлиир. Бу көрдөрүү кэлэр сылга үрдүөҕэ”, —  диэн СӨ бырамыысыланнаска миниистирэ Максим Терещенко быһаарар. «Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» диэн өрөспүүбүлүкэ бырайыага 2017 сылтан үлэлиир. 43 хампаанньа кыттыспыта, тыһыынчанан олохтоох үлэһит сир баайын хостуур бырамыысыланнаска кыттыыны ылла. Аҥаардас АЛРОСА хампаанньаҕа 7 тыһыынча киһи үлэ булбута.

Бырайыак көмөтүнэн үлэ булуон баҕалаахтар улуустардааҕы үлэ киинигэр сайаапка түһэриэххитин сөп эбэтэр НаВахту.рф саайтка киирэн билсиэххитин сөп.

ТАР5АТ: