От ыйыгар Арассыыйаҕа саамай хамаҕатык атыыланар сүүрбэ массыынаттан биэһин сыаната түспүт. Маны «Открытия Авто» чинчийдэ диэн Объясняем.рф саайт иһитиннэрэр.
«Сүүрбэ массыынаттан биэһин сыаната түһэн, массыынаны атыылаһарга сыана дөбөҥсүйдэ. Өссө 14 массыына бэс ыйыттан сыаналара оннунан хаалбыт», — диэн чинчийээччилэр үөрэтии түмүгүн билиһиннэрэллэр.
Haval Jolion диэн маркалаах массыына сыаната 6 %-нан эрэ түспүт. Бу массыына ортотунан 2,25 мөлүйүөн солкуобай буолар эбит.
Skoda Rapid массыына сыаната 4% түһэн, 1,2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнсэпит.
Niva Legend массыына 1,46 % түһэн, 950 солкуобай буолбут.