«Пушкинскай каарта» бырагыраама олоххо киирбитэ олус үчүгэй — НВК Саха

Саха сиригэр «Пушкинскай каарта» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн култуура тэрээһиннэригэр оҕолор, ыччаттар босхо сылдьар кыахтаннылар.

Бу бырагыраама 85 куоракка үлэлиир, манна 1,5 тыһыынча кэриҥэ култуура
федеральнай, регионнааҕы, муниципальнай тэрилтэлэрэ киирдилэр. 

Ол курдук, Романовтар дьиэ кэргэн бырагыраама туһунан оҕолоругар тута кэпсээбиттэр.

«Кыыспыт Сайаана Дьокуускайдааҕы оҕо искусствотын оскуолатын бүтэрбитэ. Бу иннинэ оҕолорбут тыйаатырга, түмэлгэ бэйэбит суоппутугар элбэхтик сылдьыбыттара. Билигин бу бырагыраама олоххо киирэн искусство эйгэтигэр өссө сыстар кыахтаннылар. Наһаа үчүгэй дии, арыый эрдэ маннык баара буоллар дэһэбит», — диэн төрөппүт Евдокия Романова үөрүүтүн үллэһиннэ.

Саха сиригэр «Пушкинскай каарта» бырайыакка Саха сирин Судаарыстыбыннай опера уонна балет тыйаатыра, А.С. Пушкин аатынан Судаарыстыбыннай академическай, драматическай нуучча тыйаатырдара, өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбыннай филармония уонна «Россия – мин историям» түмэл комплекса кытталлар.

«Мин 17-с оскуола 8-с кылааһыгар үөрэнэбин. Бырагыраама туһунан төрөппүттэрбиттэн истибитим уонна оскуолаҕа кэпсээбиттэрэ. Истэн баран олус үөрбүтүм. Барытын бэйэм толорбутум. Билигин Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар бараары былааннана сылдьабын», — диэтэ Сайаана Романова.