Россияҕа үлэтэ суох дьон ахсаана 4%-нан аҕыйаабыт — НВК Саха

Россияҕа үлэтэ суох дьон ахсаана лаппа аҕыйаабыт, 4%-нан намтаабыт. Бу туһунан Илиҥҥи экономическэй форумҥа РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.

Арҕаа норуоттар үбкэ-харчыга, экономикаҕа уонна технологияҕа саба түһүүтүн Россия кыайар: валюта уонна үп-харчы ырыынагын бигэтиттэ, инфляция кыччаата, үлэтэ суох дьон ахсаана 4%-нан намтаата.

Экономическэй динамика сыаната уонна сылыктааһына, маны тэҥэ урбаанньыттар үлэлэрэ билигин эрэмньилээх буолла диэн бэрэсидьиэн эбэн эттэ.

ТАР5АТ: