Россия үөрэҕин министиэристибэтэ «Пушкинскай каартанан» уһуйааччылар туһанар боппуруостарын көрүөҕэ, каарта көмөтүнэн судаарыстыба суотугар тыйаатырга, музейга, кэнсиэргэ билиэт атыылаһыахха сөп. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
«Үп-харчы боппуруоһа быһаарыллыаҕа. Оскуола оҕолоругар хайдах үлэлиирин көрүөхпүтүн наада, тоҕо диэтэххэ, технологическай боппуруос эмиэ баар. Уопсайынан, учууталларга маннык кыах баар буолуон сөп. Учууталлар каартанан туһаныхтарын сөбүн туһунан санаа баар этэ», — диэтэ бүтүн россиятааҕы учууталлар сүбэ мунньахтарыгар Россия үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов.
Көҕүлээһин олоххо киирэригэр эбии ороскуот ирдэнэрин туһунан эттэ.
«Бу этиини толкуйдуубут, үөрэтэбит, баҕар судаарыстыбаннай дума иһинэн дьокутааттар тус көҕүлээһиннэрэ баар буолуон сөп», — диэн Сергей Кравцов бэлиэтээтэ.
Билиҥҥи туругунан, каартаны 14-тэн 22-гэр диэри саастаах гражданнар ылыахтарын сөп. Кинилэр каарталарыгар үстүү тыһыынча харчы киирэр, ону ахсынньы 31 күнүгэр диэри туһаныахтаахтар. Аныгыс харчы саҥаттан киирэр. Бырагыраама Россия 85 куоратын барытын хапта, Саха сиригэр бырайыакка Пушкин аатынан нуучча драматическай тыйаатыра, Судаарыстыбаннай филармония, «Россия — мин историям» түмэл, Национальнай уруһуй түмэлэ, Опера уонна балет тыйаатыра.