Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, дойду үрдүнэн Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнэ бэлиэтэнэр. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«30 сыл анараа өттүгэр, атырдьах ыйын 22 күнүгэр 1991 сыллаахха үс өҥнөөх бэлиэ дойдубут киинигэр күөрэйбитэ, саҥа Россия үөскээбитэ. Былаах биһиэхэ Россия державатын аатырбыт историческай кэмнэрин санатар, арыаллыыр», — диэтэ кини.
Саха сирэ Сибииргэ уонна Уһук Илин, дойду хотугулуу-илиҥҥи кыраныыссаларыгар ураты сиринэн, баай култууратынан тирэх буоларын, дойду туруктаах сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэрин Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
«Россия былааҕын үс өҥө кэлэр кэм аатыгар, төрөөбүт дойду тутулуга суох буолуутун туруулаһар дьону сомоҕолуур. Билигин коронавирус уустук балаһыанньатыгар Саха сирин олохтоохторо сирдэрин-уоттарын ойуур баһаардарыттан көмүскүүллэр. Онно биһиэхэ араас регионнартан уоту утары охсуһааччылар, дойдубут олохтоохторо көмөлөһөллөр. Бары бииргэ буоллахпытына ыарахаттары туоруохпут», — диэтэ Саха сирин баһылыга.