КНР тойоно Си Цзиньпин кэлэн барыыта Россиялыын экономика өттүгэр күүскэ үлэ бара турарын туоһулуур. Ааспыт нэдиэлэҕэ Владимир Путин юани Россия Азия, Африка уонна Латинскай Америка дойдуларын кытта эргиэҥҥэ туһаныан сөп диэн этэн турар. Россия уонна Кытай доллар оннугар юаҥҥа көһөн эрэллэр диэн этэллэр. Ол туһунан политолог Чокуур Гаврильев «Сэмсэ тыл» биэриигэ ырытар.