Якутский (Саха)
Өлүөнэ бу илин өртүгэр
Айылҕа оҕото — кэрэ сир
Амма, эн — сүрэхпит таптала
Ол таптал күүс угар биһиэхэ.
[Хос ырыата:]
Айхаллан бу дьикти дойдубут
Өй-санаа, модун күүс түмсүүтэ
Дьылҕабыт, эрэлбит — Аммабыт
Дьол, эйэ түстэнэр күн-сирэ!
Ийэ-буор быйаҥын элбэҕэ
Ол олох, кэлэр кэм кэскилэ
Аатырда киэҥ Сибиир үрдүнэн
Аммабыт бурдуктаах сиринэн!
Уостубат уйгуну дэлэтэ
Тупса тур үйэттэн үйэҕэ
Урааҥхай удьуорун уһаппыт
Төрөөбүт дойдубут — Аммабыт!