Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыба таһымыгар племенной үлэ хамсааһына ааспыт үйэ ортотуттан саҕаламмыта биллэр. Ол кэмтэн ынаҕы искусственнайдык буоһатыы үлэтэ киирэн барбыта. Өлгөм үүтү, элбэх эти биэрэр аналлаах холмогор, симментаал, голштин онтон да атын боруода сүөһү соҕурууттан аҕалыллан биһиги тыйыс сирбитигэр үөрэнэн, күн бүгүнүгэр диэри эт, үүт биэрэ тураллар. Онон, тыабыт хаһаайыстыбатын биир сүрүн салаата сүөһү иитиитэ диэтэххэ сыыспаппыт. Сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны — үүтү, эти астаан, араас ас эгэлгэтин оҥорон, остуолбут маанылаах аһа буолар. Үүт, эт үксүүрүгэр сүөһүттэн элбэх төрүөх кэллэҕинэ эрэ туолара эрэбил. Онно биир сүрүнэ искусственнай буоһатыы үлэтэ төһүү буолар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ыраас хааннаах племенной сүөһү элбииригэр “Сахаагроплем” тэрилтэ ылсан үлэлиир. Тэрилтэ биир сүрүн салаатынан дьиэ сүөһүтүн искусственнай буоһатыы уонна оҥорон таһаарыы, ол эбэтэр оҕус сиэмэтин ылар, харайар аналлаах отдел үлэлиир. Салгыы тоҥоруллубут сиэмэни өрөспүүбүлүкэ улуустарын хаһаайыстыбаларынан тарҕаталлар. Онон сыллата үрдүк хаачыстыбалаах, элбэх үүтү, эти биэрэр кыахтаах сүөһүнэн хааччыйыы үлэтэ тиһигин быспакка барар.
2018 сыл ахсынньы ый 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тутаах тосхоллоро”, — диэн 232 нүөмэрдээх Ыйааҕа тахсан турар. Ыйаах толоруллар кэмэ 2024 сылга диэри туһуламмыт. Онно плем үлэҕэ анаан, өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар төрүүр сүөһүнү 48 бырыһыантан 60 бырыһыаҥҥа диэри хабан искусственнайдык буоһатыллыахтаах диэн этиллэр. Манна улуустар салалталара, тыа хаһаайыстыбатын управлениелара, ветеринарнай исписэлиистэр, сүөһүлээх хаһаайыстыбалар, ыаллар “Сахаагроплем” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин кытта биир санаанан үлэлээтэхтэринэ эрэ кыаллар суол.
Сүөһүнү искусственнайдык буоһатыыга сылын аайы былаан быһыытынан үлэлииллэр. Ааспыт 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 34500 төбө ыанньык сиэмэлэниэхтээх эбит буоллаҕына 28072 кэриҥэ ынаҕы сиэмэлээн 81,4 бырыһыан курдук толорбуттар. Быйылгы былаан 2000-нан аһары.
Сахабыт сиригэр сүрүннээн хас улууска хороҕор муостааҕы иитэллэрий? Ынаҕы искусственнай буоһатыынан хабар үлэ хайдах былааннаан ыытылларый? Оҕус сиэмэтэ убаҕас азотка төһө өр бириэмэҕэ тыыннаах сытыан сөбүй? Бу туһунан «Талбан» биэриигэ көрүҥ.