СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата Сэмэн Протодьяконов (03.03.22) — НВК Саха

1990-с сыллартан саха олоҕун саҥа кэпсээнэ суруллар. 1992 сыл кулун тутар 3 күнүгэр «САССР тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын судаарыстыбаннай Кэмитиэтин» оннугар «Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр Хампаанньа» тэриллэрин туһунан СӨ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ыйааҕа тахсыбыта хайыы-үйэ 30 сыла буола охсубут.

Бу Ыйаах тахсыыта — улахан дойду ыһыллыытын кэмигэр үөһэттэн быһаарыыны кэтэспэккэ, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бэйэтэ айымньылаахтык дьаһанан барбытын биир күүстээх көстүүтэ буолар.

Хампаанньа бастакы салайааччыта хайдах анаммытай? Улахан тэрилтэ саҥа таһымҥа сайдан барыытын хааччыйбыт суруналыыс уонна сулууспалаах, филология билимин хандьыдаата Сэмэн Протодьяконов ахтыы сэһэнин кытта ол «гласность», «демократия» диэн өйдөбүллэри кытта дьүөрэлэспит кэммитигэр төннөн ылыаҕыҥ, кэлэр кэми ыралыаҕыҥ.