Сөмөлүөтүнэн көтүүгэ абыраллаах субсидия — Эдэрсаас – сахалыы сонуннар – новости на якутском языке

Сирбит-уоппут киэҥэ-куоҥа бэрдиттэн, эбиитин суол-иис боппуруоһа ыарахаттардааҕынан, сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга сайыҥҥы өттүгэр сөмөлүөтүнэн биитэр бөртөлүөтүнэн тиийэбит. Холобур, Дьокуускай куораттан 2 тыһыынча килэмиэтиртэн тахса тэйиччи сытар Аллайыаха улууһугар дьыл хайа баҕарар кэмигэр сөмөлүөтүнэн эрэ тиийэҕин. Киин куораттан Чокуурдаахха көтүү сыаната билиҥҥитэ 27 тыһыынча солкуобайтан тахса. Оттон Чокуурдаахтан Москва куоракка диэри билиэт сыаната 17 тыһыынчаттан саҕаланар.

Улуустарга көтүү

Онон хоту сир дьоно киин куоракка кэлэ-бара 50–60 тыһыынча солкуобайы барыыллар. Дьэ баһаам харчы. Сорох дьон ыйдааҕы да хамнаһа бу сыанаҕа эппиэттэспэт. Арай чэпчэтиилээх билиэккэ түбэс­тэхтэринэ, ороскуоттара арыый аҕыйыыр. Холобур, “Полярные авиалинии” АХ Баатаҕайга диэри 9100 солкуобайга, Тиксиигэ – 11800, Зырянкаҕа 11900 сол­­куобайга атыылыыр. Чэпчэтиилээх билиэтинэн арктическай улуустар олохтоохторо (бырапыыскалаах), “Тыа сирин учуутала”, “Тыа сирин дуок­тара” бырагыраама кыттыылаахтара эрэ туһанар кыахтаахтар.
Бу сыалга анаан быйыл эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн Дьокуускайтан Баатаҕайга, Зырянкаҕа, Сааскылаахха, Орто Халымаҕа, Тиксиигэ, Черскэйгэ, Белай Гораҕа, Хонууга, Уус Куйгаҕа, Саккырыырга, Эдьигээҥҥэ көтүүгэ анаан 600 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ.
Өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи көтүү төлөбүрэ киин сирдэрдээҕэр ыараабыта быданнаата. Атын суолу талар кыахпыт суох буолан, айанныыр баҕаттан, сыаналаах сөмөлүөтүнэн көтөрбүтүгэр тиийэбит. Ону даҕаны билиэт баар буоллаҕына. Рейс нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ эрэ оҥоһуллар.
Сыана ыараханын үгүс өттүгэр авиационнай уматык сыанатыгар күтүрүүллэр. Барыта тастан тиэллэн аҕалыллар буолан сыаната хас да бүк улаатан тахсар.
Тарыыбы авиахампаанньа бэйэтэ олохтуур, бигэргэтэр. Туох-баар ороскуоттарын, барыһын кээмэйин, оннооҕор көтөр аал көрүҥүн учуоттаан туран бэйэтэ быһаарар. Арассыыйа киин куораттарыгар үрдүк кылаас­таах “Боинг” курдук улахан ааллар элбэх пассажиры, таһаҕаһы тиэ­йэр буоланнар, сыаналара арыый да удамыр.

Кэтэһиилээх чэпчэтии

Уһук Илин куораттарыттан киин эрэгийиэннэргэ, ол иһигэр Москваҕа, Санкт-Петербурга, Сочига көтүүгэ федеральнай бүддьүөттэн 2022 сылга 19,5 млрд солкуобай көрүллэн, арыый да удамыр сыанаҕа киин сиргэ көтөр кыахтанныбыт. Ол курдук, чэпчэтиилээх билиэтинэн быйыл 250 тыһыынча кэриҥэ киһи туһанара былааннанар.
Урукку өттүгэр чэпчэтиинэн 23-гэр диэри саастаах эдэр дьон, 55-рин ааспыт дьахталлар, 60-тан тахсыбыт эр дьон, I группа­лаах саастаах инбэлииттэр уонна кинилэри арыал­лааччылар, бары группалаах инбэлиит оҕолор уонна кинилэри арыаллааччылар, оҕо саастарыттан II, биитэр III группалаах инбэлииттэр, элбэх оҕолоох ыаллар эрэ туһанар эбит буоллахтарына, билигин Уһук Илин эрэгийиэнигэр бырапыыс­калаах дьон бары туһаналлар. Былырыын бүддьүөттэн бу сыалга анаан 13 млрд солкуобай тыырыллыбыта.
«АЛРОСА», «Сибирь», «Якутия», «НордСтар» (NordStar), «ИрАэро», «Нордавиа», «Уральские авиалинии», «Аэрофлот», «Азимут», «Ред Вингс», «Смартавиа» авиахам­паанньалар Уһук Илин олохтоохторугар анаммыт бырагыраамаҕа хапсаннар 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри билиэттэри атыылыыллар.
“Аэрофлот” АХ былырыын ахсынньы бүтүүтэ билиэт атыытын саҕалаан, Москваттан Владивос­токка, Петропав­ловскайдааҕы Камчаткаҕа, Хабаров­скайга, Южно-Сахалин­скайга, Магадааҥҥа уонна Дьокуускайга көтөр.
Былырыын бырагыраама саҥа бигэргэммитигэр Дьокуускай куорат хабыллыбакка, улахан араллаан тахса сылдьыбытын үгүс киһи өйдүүр буолуохтаах. Атын эрэгийиэннэр киин куораттара бары хабыллыбыттара, оттон Дьокуускай эрэ аҥаардастыы арыыланан хаалбыта. Уһук Илин бары олохтоохторо субсидия­лаах билиэтинэн туһаныы бырагы­рааматыгар, Мииринэй – Москва – Мииринэй, Полярнай – Москва – Полярнай уонна Нерюнгри – Москва – Нерюнгри эрэ хайысхалара хабыллыбыттара. Ону Ил Дархан Айсен Николаев уонна олохтоох бырабыыталыстыба Дьокуускайтан уонна Мииринэйтэн эбии кубуотаны ылыыга Росавиацияны кытары кэпсэтии, сүбэлэһии кэннэ эбии үп-харчы көрүллүбүтэ.

Москваҕа диэри – 10 тыһыынча

Билигин Дьокуускай – Москва хайысхатынан ортотунан 10 тыһ. солкуобайга көтүөххэ сөп. Холобур, “Аэрофлот” АХ туһааннаах хайысханан улахан дьоҥҥо билиэт сыанатын 9 200 сол­куобайынан, 2-12 саастаах оҕолорго 5 250 солкуоба­йынан, оттон “Якутия” АХ Москваҕа диэри 10 000 солкуобайынан быспыт.
Саха сирин олохтоохторо Дьокуускайтан, Нерюнгриттан чэпчэки сыанаҕа – 11 000 сол­куобайга Новосибирскайга диэри эмиэ көтөллөр. Маны таһынан, «Якутия» АХ Дьокуускайтан Анапаҕа 8 400, Владивостокка 6 400, Иркутскайга 2 500, Краснодарга 8 500, Минеральные Воды 7 600 солкуобайга субсидиялаах билиэттэри атыылыыр.

Биир рейскэ төһө чэпчэтиилээх билиэт көрүллэрий?

Рейстэр эконом-кылаастарыгар 10%-тан итэҕэһэ суох миэстэ субсидиялаах билиэттээхтэргэ көрүллэр. Холобур, «Якутия» авиахампаанньаҕа биир рейскэ биир өттүгэр көтүүгэ 16-20 миэстэ көрүллэр.

 

edersaas.ru

ТАР5АТ: