Арҕааҥҥы дойдулар санкция биллэрдэллэр да, олохтоох авиа-хампаанньалар өрөспүүбүлүкэ, дойду иһинээҕи даҕаны көтүүнү толору хааччыйарга бэлэмнэр. Ити туһунан Ил Дархаҥҥа буолбут мунньах түмүгүнэн СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев иһитиннэрдэ.
— Өрөспүүбүлүкэ бары авиа-тэрилтэлэрэ эрэсииминэн үлэлииллэрин бэлиэтиир оруннаах. Рейстэр бары ыйыллыбыт араспысаанньанан көтөллөр. Көтүү куттала суох буолуутун хааччыйыы инники күөҥҥэ турар. Бүгүн мунньахха сүрүн кыһалҕалаах боппуруостары көрдүбүт. Биллэн турар, элбэх быһаарар боппуруоһу федеральнай авиационнай былаас ылыныахтаах. Холобур, сөмөлүөттэр куттала суох көтүүлэрин сөптөөх миэрэлэрин өйөөһүн, тас дойдуга оҥоһуллубут саппаас чааһынан хааччыйыы.
Ону тэҥэ, олохтоох авиа-хампаанньалары өйүүр боппуруостар турдулар. Бастатан туран, сөмөлүөт уматыгын аҕалыы. Бу сыалга анаан эбии кирэдьиити биэрии көрүллэр. Итиэннэ иһинээҕи уонна улуустар икки ардыларынааҕы таһыыны субсидиялааһын. Маныаха өрөпүүбүлүкэ хааһынатыттан эбии үп бэриллиэҕэ. Аччыгый авиацияны өйөөһүн боппуруостарын көрдүлэр.
Аэропуорт инфраструктуратын 12 эбийиэгин саҥардыы хаамыытын быһаарыстылар. Манна даҕатан эттэххэ, 2022 сылга көтүүгэ хааччах “Полярнай” аэропуорка эрэ сабаҕаланар. Авиа-салааҕа саппаас чааһы эрэгийиэннээҕи авиа-хампаанньалар оҥорон таһаарааччылары кытта доҕордуу дойдулар нөҥүө тиэрдии саҥа логистикатын оҥороллор. Манна тустаах схема таможняҕа, бааҥҥа уонна валютаҕа бэрээдэктээһини эрэйэр.
Владимир Сивцев “Дьокуускай” аэропорт, “АЛРОСА”, “Якутия” уонна “Полярные авиалинии” курдук авиа салаа тэрилтэлэрэ Арассыыйаҕа систиэмэни олохтуур тэрилтэлэр испииһэктэригэр киирэллэр диэн бэлиэтиир. Онон бу тэрилтэлэргэ федеральнай хааһынаттан үбүлээһини ылар докумуоннары бэлэмнииллэр диэн Yakutia-Daily.ru саайт суруйар.
“Биллэн турар, биһиги бастатан туран, куттал суох буолуутун боппуруоһун хааччыйыахтаахпыт. Бу туохтааҕар да суолталаах буолуохтаах. Хааччыйыыга хаачыстыба мөлтөөһүнүн кытта сибээстээх ханнык да боппуруос туруо суохтаах. Туох да буолтун иһин сөмөлүөтүнэн таһыыга бары ыстандаарты тутуһарбыт ирдэнэр”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү мунньахха эттэ диэн СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар кылгас кэм иһигэр федеральнай кииҥҥэ авиацияны өйүүр миэрэлэргэ тас дойдуга оҥоһуллар саппаас чаастан саҕалаан аччыгый авияцияны өйөөһүҥҥэ тиийэ бэйэлэрин этиилэрин киллэрэр докумуону бэлэмнииллэригэр сорудахтаата.
Эрэгийээннэҕи миэрэлэри этэр буоллахха, авиа-хампаанньаларга Санкт-Петербурдааҕы табаар-сырье биржатыгар уматыгы атыылаһарга бүддьүөт кирэдьиитэ бэриллиэҕэ. Ону таһынан, Ил Дархан эрэгийиэн иһинээҕи авиа таһыыны субсидиялыырга бүддьүөттэн эбии үбүлээһини көрөллөрүгэр дьаһайда. Бастатан туран, Арктика хайысхаларыгар билиэти субсидиялааһын ахсаана эбиллиэҕэ.