«Саҥата суох хаалбаппыт!», — бу маннык толоос хаартыска интернет ситимин тилийэ көттө. Өрөспүүбүлүкэ киэн туттар, сүгүрүйэр киһитин Максим Кирович Аммосов мөссүөнүн маннык гыммыттара барыбытын долгутта, хомотто.
Маннык быһыы-майгы тоҕо тахсарый? Хатыламматын туһугар тугу гынабытый? Хатырык олохтоохторо сиэрдээх майгыны, патриоттуу өйү-санааны иитиигэ үлэни күүһурдүөххэ диэн ыҥырыыларын өйүүгут дуо?