Саха үгэһин, дьарыгын үөрэтэр кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ

“Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ,
Национальнай эпоһы харыстааһыҥҥа Өрөспүүбүлүкэтээҕи
“Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ,
Научнай методическэй үлэҕэ уонна тас дойдулары кытта
сибээскэ Олоҥхо Киинэ,
“Саха сирин норуот педагогикатын Ассоциацията”
уопсастыбаннай тэрилтэ,
А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията

“Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну
үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ”
өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай
кэмпириэнсийэ балаһыанньата

Сыала: ыччакка саха өйүн-санаатын барҕа баайын, тылынан уус-уран айымньытын, төрүт дьарыгын, үгэһин тарҕатыы, сайыннарыы, үйэтитии, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону өбүгэ үөрэҕинэн иитиини көҕүлээһин.

Сүрүн хайысхалара:

  1. Саха өйүн-санаатын барҕа баайа (нематериальное наследие) билиҥҥи кэмҥэ үөрэтии уонна үйэтитии.
  2. Норуот тылынан уус-уран айымньытын, кыраайы үөрэтии, хомуйуу.
  3. Саха төрүт дьарыгар үөрэтии: дьиэ кэргэн уопута (уопуту үллэстиини маастар-кылаас халыыбынан көрдөрүү).
  4. Саха бэлиэ күннэргэ үгэһэ: мүһүлгэ хаамыытынан үгэстэр

Кытталлар: учууталлар, арчы дьиэлэрин үлэһиттэрэ, дьиэ кэргэн, үөрэнээччилэр, устудьуоннар, ыччат.
✅Сайаапкалары уонна үлэлэри 2021 сыл муус устар 10 күнүгэр диэри «Сайаапка. Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ» диэн суруйан маннык электроннай почтаҕа ыытаҕыт: ostyoryja_2019@mail.ru.
Усулуобуйата: киирбит ыстатыйалар (дакылааттар) http://sakhaetigentyla.ru/, http://sakhasuola.ru/ саайтарга, оттон маастар-кылаастар “Саха суола” https://www.youtube.com/channel/UC4aWS9CkkemJoS_gci2fFxA уонна «Саха этигэн тыла» https://www.youtube.com/channel/UCBxbBrz—hAvlAHbYcxmcsQ
ютуб-ханаалларга тахсаллар. Кэмпириэнсийэҕэ кыттыы босхо. Бары кыттааччыларга туоһу сурук, оттон бастыҥ үлэлээхтэргэ тэрийэр хамыыһыйа көрөн, хайысха аайы кыайыылаахтарга дьупулуомнары (1, 2, 3 миэстэ) туттарар.
Ирдэбилэ: ыстатыйа (дакылаат) кэмээйэ 8 сирэй (А 4 илиис), бичигэ (шрифт) сахалыы буолара булгуччулаах. Хаартыскалар үчүгэй хаачыстыбалаах 300 dpi кээмэйдээх уонна JPEG халыыптаах буолуохтаахтар. Маастар-кылаастар видеоҕа 7-10 мүн уһуннаах гына хаачыстыбалаахтык уһуллубут, монтажтаммыт, кэпсиир дьон аата-суола, идэтэ, сирэ-уота ыйыллыбыт (титр) уонна ролик ааттанара ирдэнэр. Кэмпириэнсийэ сахалыы тылынан буолар.
Кэмпириэнсийэни сүрүннээччи: “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ.
Ыйыталаһарга: 89142681196.
Ыытыллар сирэ: Дьокуускай куорат, zoom.us тэлгэһэтэ (платформата).
✅ Күнэ-дьыла: 2021 сыл муус устар 17 күнэ, күнүс 14.00 чаастан.
Үлэни кэпсээһин – 5 мүн.
Сайаапкаҕа: кыттааччы аата-суола, сааһа, үлэлиир, үөрэнэр кыһата, тэрилтэтэ, дуоһунаһа, учуонай истиэпэнэ (баар буоллаҕына), e-mail, төлөпүөнэ, сирэ-уота ыйыллар. Ону тэҥэ ханнык хайысхаҕа кыттарыттан ыстатыйа (дакылаат) тиэкиһин, хаартыскатын эбэтэр маастар-кылааһы видеоҕа устууну ыытар.

✍🏻 Түмүгү быһаарыы: улахан дьоҥҥо уопуту тарҕаппыттарын туһунан туоһу сурук бэриллэр. Ыччат дьон маннык бөлөхтөрүнэн сыаналаныахтара: 2-4, 5-8, 9-11 кылаастар, устудьуоннар (1, 2, 3 миэстэлэр)

Хаартыскаҕа: В.Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» айымньытынан «Симэх» галерея «Куукула сойууhун» кэлэктиибин үлэтэ. Салайааччы Парфёнова Каролина Петровна