2022 сылга өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө аныгы искусство бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Тэрээһини «Территория» аныгы искусство оскуолата, Москватааҕы аныгы түмэл уонна «Полюс» хампаанньа кыттыһан ыыталлар.
Быйыл бэстибээл сэтинньи 15-21 күннэригэр Красноярскай куоракка буолла, онно үс тыһыынчаттан тахса көрөөччү сырытта.
Бу нэдиэлэҕэ 35 тэрээһин буолбутун туһунан «Полюс» кыһыл көмүһү хостуур хампаанньа уопсастыбаннаһы кытта сибээс департаменын дириэктэрэ Виктория Васильева кэпсээтэ.
«Үс тыһыынчаттан тахса көрөөччү сырытта, кыттааччы 300 кэриҥэ киһи — режиссердар, артыыстар, тыйаатыр кириитиктэрэ, искусствоведтар, уруһуйдьуттар. Эпидемиологическай балаһыанньанан бэстибээлгэ QR-кодунан эрэ киллэрдилэр, саалаҕа көрөөччү ахсаанын 70% хааччахтаатылар», — диэтэ кини.
Тыйаатыр бырагырааматын сүрүн кэрэхсэбиллээх түгэнинэн, Вильнюс куоракка олорор артыыс дьиэ кэргэнин олоҕун туһунан кэпсэнэр Ингеборги Дапкунайте «Привет дождавшимся» моно испиктээкил буолла.
«Эһиил өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө бэстибээл Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа», — диэн кини кэпсээтэ.
«Полюс» хампаанньа — Россияҕа кыһыл көмүһү оҥорон таһаарыыга уонна аан дойдуга кыһыл көмүһү оҥорон таһаарыы кээмэйинэн биэс бастыҥ хампаанньалартан биирдэстэрэ. Бөлөх сүрүн оҥорон таһаарар эбийиэктэрэ Красноярскай кыраайга, Иркутскай и Магаданскай уобаластарга уонна Саха сиригэр бааллар.