Саха АССР 100 сылын көрсө ХИФУ-га лекциялар саҕаланнылар — НВК Саха

Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университекка Саха АССР 100 сылын көрсө лекция тиһиктэрин ыытан саҕалаатылар. Бу туһунан үрдүк үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бастакы онлайн-лекцияны историческай факультет доцена Наталья Радченко ыытта.

«Кэлэр сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын туолар. Үүнээри турар бэлиэ күнүнэн өрөспүүбүлүкэбит төрүттэниитин историятын, уларыйыытын, туолбут соруктар, саҥа сыаллар уонна XXI-с үйэҕэ Саха сирин сайдар суолларын туһунан сырдатыахпыт», — диэтэ кини.

Саха сирэ XVII-с үйэттэн Россия судаарыстыбатын чааһа буолар. ХХ-с үйэ саҕаланыыта кини Дьокуускай уобалаһа диэн статустаах, Россия империятын тэйиччи сытар кытыы сирэ этэ, киинтэн анаммыт губернатор салайара.

Саха АССР төрүттэниитэ политическай, социальнай- экономическай, культурнай сайдыыга сүҥкэн уларыйыылары аҕалбыта. Дойду национальнай государственноһа ылыллан, социальнай эйгэ уонна тупсаран оҥоруу сайдан барбыта.