Саха дьахтарын таҥастаах симэҕэ (юннаттар күннүктэригэр олоҕуран)

[ad_1]

Ньурба улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгарК.Д. Уткин аат. Норуоттар доҕордоһуулара түмэл 50 сылыгар

Ньурба 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 1940-1961 сс. үлэлээбит үтүөкэн киһи, биллиилээх учуутал, музейдары тэрийээччи  Б.Н. Андреев оскуола иһинэн музей, тыыннаах муннук уонна пришкольнай учаастак тэрийэн үлэлэппитэ биллэр. Ону тэҥэ кини юнаттар хамсааһыннарын сүрүннээбитэ. Үгүс похуоттары, экспедициялары тэрийтээбитэ. Ол түмүгэр 1953 с. “Птицы Среднего Вилюя” диэн бастакы үлэтин таһаарбыта.

Б.Н. Андреев, РСФСР үтүөлээх учуутала

Ньурба 1-кы оскуолатыгар, билиҥҥитэ элбэх хайысхалаах гимназия музейыгар 1944-1945 сыллардааҕы  “Юннаттар күннүктэрэ” харалла сытар. Бу туох да сүрдээх сыаналаах докумуон буолар. Бэйэтин кэмигэр бу күннүгү оҕолор сүтэрэн кэбиспиттэрин, 2000 сыллар саҥаларыгар мас кэрдээччилэр үүтээнтэн булан, оччотооҕу оскуола музейын салайааччытыгар А.Г. Николаеваҕа киллэрэн биэрбиттэр. Анастасия Григорьевна бу күннүгү хараҕын харатын курдук харыстаан, сыа-сым курдук тутан харайбыта уонна кэлбит дьоҥҥо куруук киэн тутта кэпсиирэ.

Ньурба орто оскуолатын оҕолоро өрүһүнэн экспедициялара. Б.Н. Андреев аат. Элгээйитээҕи Айылҕа түмэлин хаартыската.

Күннүккэ оҕолор айылҕаны, балыктан саҕалаан кыылга-сүөлгэ тиийэ кэтээн көрүүлэрин, кыраайдарын устун сылдьан тугу көрбүттэрин-истибиттэрин бэлиэтээн, дьэрэкээнник ойуулаан толорон испиттэр.

Юннаттар күннүктэрин уруһуйа.

Манна “Биһиги музейбыт” диэн түһүмэххэ тохтуохпут. Оҕолор суруйбуттарынан музей 1944 с. тэриллибит. Түөрт салааттан уонна үс муннуктан турар эбит: этнография салаата, зоология салаата, палеонтология салаата, минералогия салаата, дарвинизм муннуга, үүнээйи муннуга, тыыннаах муннук. Маны таһынан музейга библиотека баара.

Күннүккэ оскуола түмэлин туһунан

Этнография салаатыгар туох да эгэлгэ мал мунньуллан турбут. Саха былыргы туттар мала-сэбиргэлэ, чорооннор, хамыйахтар, былыргы ойуулаах остуол, чаппараактар (“чампараак” диэн суруйбуттар), былыргы саха хотуура, ох саа, батыйа, дьахтар симэхтээх кура, үрүҥ көмүс кымньыылар. Маны тэҥэ Борис Николаевич уруһуйдаабыт хартыыната баар эбит. Оҕолор хартыынаҕа туох уруһуйдаммытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ суруйбуттар. Онуоха урукку өртүгэр киэҥник биллибэтэх өйдөбүллэр көстөллөр. Хартыынаҕа ХIХ үйэ маҥнайгы аҥаарынааҕы баай дьахтар сүктэр симэҕэ уонна ата ойууламмыт диэбиттэр. Акка туох киэргэл баарын эридьиэстээбиттэр: икки албара (кычым), биир чаппараак, дэпсэ (“дьэпсэ” диэбиттэр), көмүс ыҥыыр, кымньыы, түнэ бэрэмэдэй, моой симэҕэ, көмүс үүн, сулар. Манна “моой симэҕэ” баара кэрэхсэбиллээх. Урукку өртүгэр сылгыга оннук симэх баара соччо биллибэт. Баҕар умнуллубута буолуо.

Аны дьахтар таҥаһын уонна симэҕин ырыппыттар. Биэс суол таҥаһы ыйбыттар:

  1. Оноолоох сон. Манна скобкаҕа эбэтэр “киһилээх” сон диэбиттэр. Ол аата былыр оноолоох сон иккис аата “киһилээх сон” диэн буолуон сөп эбит.
  2. Саҕынньах. Сон таһынан кэтиллэрин, үүс, бөрө, таарбаҕан тириититтэн тигиллэрин ыйбыттар.  Саҥыйах көхсүгэр буобура тэбэкэлээх (дьайаалаах) диэбиттэр. Бу интэриэһинэй. Тэбэкэ диэн тыл суолтатын булбатыбыт. Арай итиннэ майгынныыр “тэбэгэй” диэн тыл баар. Быһаарыыта – сылгы эбэтэр кыыл атаҕын уһун түүтэ, сэбэрэтэ диэн. Онон былыр атын өҥнөөх түүнэн тигиллибит сон көхсүгэр баар дьайаа иккис аата тэбэкэ (умнуллубут тыл) диэн быһыылаах.  
  3. Дьабака бэргэһэ. Иннэ сиэгэн, кэтэҕэ үүс, буобура буолар диэбиттэр. Салгыы суруйбуттар: төбөтө (дьабаката) оһуордаах сукна эбэтэр хара саһыл тыһа буолар. Саһыл тыһа чуорчахтаах буоллаҕына көмүс туоһахталаах буолар эбит. Манна “дьабака” диэн бэргэһэ төбөтүн ааттаабыттара интэриэһинэй. Э.К. Пекарскай тылдьытыгар эмиэ оннук быһаарыылаах.
  4. Этэрбэс. Оһуордаах эбэтэр саахымат аттарыылаах түнэ буолара үһү диэбиттэр.
  5. Үтүлүк. Оһуордаах сукуна эбэтэр сарыы үчүгэйэ буолар диэбиттэр.   

Аны дьахтар сонун таһынан кэтэр көмүс симэхтэрин арааһын суруйбуттар: кылдьыы, сүрэх кириэс, моой симэҕэ, илин-кэлин кэбиһэрдээх бастыҥа, харыйа ытарҕа, бөҕөх уонна аҕыс араас симэхтээх көмүс кур. Куругар иилинэр аҕыс суол мала манныктар:

  1. Кыыннаах быһах.
  2. Хатат.
  3. Кыалык.
  4. Инньэлик (“иҥнэлик” диэбиттэр).
  5. Хаппар.
  6. “Саһыл тумса”.
  7. “Көмүс ат”.
  8. “Чаачар”. “Чаачар баайара үһү” диэбиттэр.

“Көмүс ат” диэн ымыы, алтантан эбэтэр үрүҥ көмүстэн кутан оҥороллор. Ньурба түмэлигэр икки итинник ымыы баар. Бу умнуллубут харысхал бэлиэтэ буолар. Дьон биһиэхэ сылдьан көрдөҕүнэ баһыйар үгүстэрэ саҥа көрөн-билэн сөҕөөччүлэр. Онон оччотооҕу юннаттар бу ымыы туһунан суруйбуттара кэрэхсэбиллээх.

Аны “чаачар” туһунан ахтыбыттар. Туохтан оҥороллоро, хайдах көрүҥнээх буолара ыйыллыбатах. Сэрэйдэххэ эмиэ харысхал оруолун толорор буолуохтаах. Бу эмиэ соччо биллибэт кыыс харысхала буолар.

Түмүгэр суруйбуттар: “Былыргы саха киэргэлэ барыта үрүҥ көмүс, хаарпа алтан буолар үһү. Кыһыл көмүһү саха билбэтэ үһү” диэн. Манна “хаарпа” диэн тыл киһи болҕомтотун тардар. Туох өйдөбүллээҕин хантан да булан быһаарбатыбыт. Диалект буолуон сөп.

Онон юннаттар суруйууларыгар Б.Н. Андреев этнографияҕа сыһыаннаах эрдэтээҥи хартыыната ахтыллар. Ити хайысхаҕа кини барыта түөрт үлэлээҕэ биллэр. Холобур, “Кийиит сүктэн барыыта” диэн хартыыната 1960 с. уруһуйдаммыта. Онон ити эрдэтээҥи үлэтэ, хомойуох иһин, суох буолбут, биһиги үйэбитигэр тиийэн кэлбэтэх айымньынан буолар.

Б.Н. Андреев «Кийиит сүктэн барыыта», 1960 с. «Алтан аарык тойуга» кинигэттэн.  

Онон бу аҕыс уонча сыллааҕыта суруллубут күннүккэ биһиги хас даҕаны бэлиэр умнуллубут өйдөбүллэри көрөбүт. Оҕолор маны бука улахан дьонтон, учууталларыттан ыйыталаһан суруйдахтара, онон дьиҥ баар буола сылдьыбыт суолу суруйбуттарыгар итэҕэйэбит.     

Б.Н. Андреев «ЫҺыах», 1947 с. «Алтан аарык тойуга» кинигэттэн.

Түгэнинэн туһанан Борис Николаевич 1947 с. уруһуйдаабыт “Ыһыах” диэн үлэтигэр тохтоон ааһыахпыт. Н.В. Михалева-Сайа “Алтан аарык тойуга” диэн кинигэҕэ суруйарынан манна худуоһунньук Сунтаар Хаҥалаһын үс бэлиэ сирдэрин: Арыҥах Арыылааҕын, Күүкэй эбэ хотуну уонна  Чээккэ хайаларын холбуу ойуулаабыт. Хартыынаҕа туох баар мааны таҥастарын кэппит дьон-сэргэ, симэхтээх аттар уонна сэргэлэр көстөллөр. Сэргэлэр төбөлөрүгэр бары кириэстээхтэр. Маннык сэргэлэри Борис Николаевич 1945 с. О.В. Ионованы кытта Малдьаҕарга көмүллүбүт Манчаары уҥуоҕун чинчийэ тахса сылдьан Мэҥэдьэк нэһилиэгэр баай Дайыыла Гоголев Бэттиэмэ алааһыгар туралларын уруһуйдаан ылбыта биллэр.   Онон бу хартыынаҕа Бэттиэмэҕэ турбут сэргэлэр уруһуйдаммыттара дьэҥкэ. Уруккута бу алааска барыта 32 сэргэ турбута үһү. Билигин биир ордон турар.

Ионова О.В. «Жилые и хозяйственные постройки якутов» үлэтиттэн.
Бэттиэмэҕэ турар Дайыыла Гоголев сэргэтэ

Ити курдук үйэлээҕи оҥорооччу, үүнэр көлүөнэлэри үтүө, мэҥэ өйдөбүлэргэ үөрэтээччи, иҥэрээччи, мындыр киһи, саха саарына Б.Н. Андреев үлэтин сүҥкэн далааһына биир кыракый суруйууттан арыллан кэлэр.

Б.Б. Борисов-Байан Түһүнэй

17.04.24 с.

Тирэх литэрэтиирэ:

  1. Михалева Н.В.-Сайа. Алтан аарык тойуга. – Дьокуускай: Бичик, 2011.
  2. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. Т.1. – 1959.
  3. Ионова О.В. Жилые и хозяйственные постройки якутов./ Сибирский этнографический сборник. – М., 1952.

[ad_2]

Source link

ТАР5АТ: