«Кындыкаан» хамаандата, бизнесмен Юсаку Мадзэва куукуланы салгыы Ыйга ыытарыгар Япония посолугар Тоехиса Кодзукига биэрдилэр. Бу туһунан бырайыак пресс-сулууспата иһитиннэрэрю
Түмсүү бэрэстэбиитэллэрэ куукуланы, 2021 сыл ахсынньытыгар Ыйга көтүөхтээх, Япония миллиардерыгар тиксэрэригэр көрдөстүлэр.
«Куукулабытын куйаарга илдьэ көтүөҕэ диэн эрэнэн туран ыыттыбыт. Бу олохтоох хотугу норуоттар ааттарыттан аан дойдуга «Кындыкаан» соругун иһитиннэриэхпитин баҕарабыт», — диэтэ «Арктика тылын экологията» алын научнай үлэһитэ Борис Осипов.
Хамаанда бырайыактыыр менеджерэ Майя Иванова ыалдьыкка «Кындыкаан» соругун билиһиннэрдэ. Эбээн кыыһын туһунан сэһэҥҥэ олоҕуран, 2021 сыл саҕаланыытыттан остуоруйаны, хаартыска-видео бырайыагын, ырыалары, хартыыналары айдылар. Хамаанда NFT-токеннары, анимационнай киинэлэри, үөрэтэр экспедициялары таһаарар былааннаах.