Олоҥхо ыһыаҕын күөх экран нөҥүө көрөөччүлэргэ сырдатыахтаах «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа айар бөлөҕө Амма сиригэр-уотугар үлэлээтэ.
Ол курдук, бөлөх ыһыахтыыр сиргэ сылдьан хайдах, хантан быһа биэриилэри, холбонуулары оҥороллорун, сибээс хайдах буолуохтааҕын көрдүлэр.
Маны тэҥэ ыһыах күннэригэр сибээһи хааччыйар «Эксперт Телеком» тэрилтэ бэрэстэбиитэлин кытта көрсөн быһаарыстылар.
Маны тэҥэ МТС, Билайн оператордар сибээстэрин күүһүрдэргэ диэн былаан турар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Олонхо ыһыаҕар уопсайа 50-тэн тахса суруналыыс кэлэн үлэлиирэ былааннанар. Суруналыыстар ыһыах барар сиэрин-туомун, хайдах буола турарын сонуннар, сайт, хаһыат, радио, араас социальнай ситим нөҥүө сырдатыахтара.