Сотору тыаҕа мас тыллыытын, чыычаах ырыатын кытта тэҥҥэ Хомустаах бааһынатыгар ыһыы үлэтэ саҕаланан, үлэ күөстүү оргуйуо.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Егор Иванов салайар хаһаайыстыбата 2018 с. ыла сүөһү сиир бурдугун ыһар. Былырыыҥҥыттан туораахтаах култуураны ыһыыга субвенцияҕа сүүмэрдээһиҥҥэ кыттыбыта. Өрөспүүбүлүкэ атын хаһаайыстыбаларын курдук, Саҥа дьыл инниттэн ыһыыга тэрээһин саҕаламмыт. Салгыы суруналыыс Женни Стрюкова “Ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии тэтимнээхтик саҕаланна” матырыйаалыттан үгүһү билиэххит.
Бу күннэргэ кыһыҥҥы суол сабыллыытын баттаһан, хотугу улуустар нэһилиэктэрэ сайылыыр астарын-үөллэрин, отторун-мастарын, тутуу матырыйаалын киин сиртэн тиэнэн, толору дьаһанан олорор кэмнэрэ. “Оскуолабытыгар 73 оҕолоохпут, уһуйааҥҥа 34 оҕо сылдьар. Былырыын 4 уол, 4 кыыс күн сирин көрөн, нэһилиэнньэбит ахсаана эбиллэн, “биир кылаас оҕото кэллэ” диэн үөрэбит. 80 миэстэлээх оскуола уонна 40 миэстэлээх уһуйааны холбоон, икки мэндиэмэннээх таас “оскуола-уһуйаан дьиэтин туттараары сылдьабыт”, – диэн кэпсиир нэһилиэк баһылыга. Ханнык баҕарар нэһилиэк кыаҕын төһө тиэхиньикэлээҕэ быһаарар. Олохтоох дьаһалта улахан арочнай гарааһыгар Агромаш тыраахтар, “Соболь” массыына турар, ону тэҥэ икки МТЗ “Беларусь” тыраахтар баар. Бу Орто Халыма улууһун 1-кы уонна 2-с Мээтис нэһилиэктэрин олохторун, күннээҕи түбүктэрин туһунан билиһиннэрииттэн холобурдаатым. “Ыраах Халымаҕа олох сэргэх” матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
«Биһиги урут космонавтары, лүөччүктэри, дьоруойдары кумир оҥосторбут. Кэмбиэр мааркаларын мунньарбыт. Оттон билиҥҥи оҕолор Кэриэйэ артыыстарын, үчүгэйгэ үөрэппэт “Слово пацана” киинэни, интэриниэт ситимигэр көрөр араас блогердарын кумир оҥостоллоруттан хараастабын» диир үүнэр көлүөнэ туһугар сүрэҕэ ыалдьар эбээ. Чахчы, билиҥҥи оҕолор тугу мунньалларый, кинилэр кумирдара кимий? Бүгүҥҥү хаһыакка бу сытыы тиэмэни суруналыыс Ульяна Захарова “Билиҥҥи көлүөнэ кумира кимий?” диэн ырытыытыгар ааҕыҥ.
“Хаһан эрэ эн үрдүк сыанаттан «Эр киһи айар үлэҕэ мэһэйдиир» диэх курдук эппиттээҕиҥ? Айар киһи көҥүлүн туһунан эттэҕиҥ?” диэн суруналыыс Надежда Егорова айар куттаах Наталья Михалеваттан-Сайаттан ыйыппытыгар бэйиэт, суруналыыс “Айар киһиэхэ, дьахтарга Көҥүл инники күөҥҥэ турар. Эр дьон суруйааччылар холоонноохторун санныгар тайаналлар, биһиэхэ оннук дьол биирдиилээн эрэ киһиэхэ тосхойор быһыылаах. Эр киһи дьахтара киниттэн биллиилээх буоларын үксүгэр тулуйбат. Ол эмиэ айылҕалара буоллаҕа. Мин биир түгэҥҥэ иккиттэн биир суолу таллаҕым: эбэтэр нус-бааччы олохтоох ыал ийэтэ буолуу – эбэтэр айар үлэ холоругун ортотугар сылдьар айар үлэһит дьылҕата” диэн хоруйдаата. Бу киһи аахтар ааҕа олоруох сэһэргэһиитин “Итии чэй” рубрикаҕа ааҕыҥ.
“Биһиги үлэбит “Берегиня” кииҥҥэ кэлбит оҕолор чугас аймахтарын көрдөөһүнтэн саҕаланар. Сорохтор оҕолору кэлэн ылан бараллар, үксүгэр кыайан иитэр кыахтара суох буолан, “атын дьиэ кэргэн иитэ ыларыгар сөбүлэһэбит” диэн сурук суруйан бигэргэтэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн оҕолорбутун дьиэ кэргэҥҥэ олохтуур үлэни ыытабыт. 2010-с сылларга оҕону дьиэ кэргэҥҥэ олохтуур уустук этэ. Үгүс дьон оҕо ииттэ ылартан куттаналлара. Билигин сөптөөх үлэни араас сэминээр, “төгүрүк остуол” нөҥүө ыытар буоламмыт уонна иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэринэн үгүстүк быһаарар буолан, оҕо ииттэ ылар дьиэ кэргэн ахсаана элбээтэ”, — диэн ким кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
“Биирдии олоҥхо ортотунан 10 тыһыынча хоһоонунан строка буоллаҕына, кини барыллаан мөлүйүөн аҥаара хоһоону кэпсээн-ипсээн, ыллаан-туойан кэбиһиэ эбит. Сөҕүмэр талаан, сөҕүмэр билии, хомойуох иһин, сурукка-бичиккэ үйэтийбэккэ, суруллубакка, былыргы дьыллар быыстарыгар туман буолан көттөҕө. Билигин биһиги сорукпут – олоҥхоһуттар уонна кинилэр олоҥхолорун туһунан ситимнээх өйдөбүлү дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, олоҥхоһуттар ааттарын сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитии” диэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаабыт учуонай Василий Илларионов кими холобурдаабытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ дьыалатын тэринэн үлэ миэстэтин арыйан, дохуот киллэринэр кыахтанар. Ньурба улууһугар сибэкки солуонун арыйан үлэлэтэр эдэркээн Евгения Спиридонова туһунан билэр дьоммуттан истибитим. Бырааһынньык, ол-бу тэрээһин буолла даҕаны, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн кини солуонуттан ылаллар эбит. Бэйэтэ үүннэрбит клубникаларыттан минньигэс дьөрбөлөрү эмиэ оҥорон атыылыыр. Бүгүн “Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс” диэн матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
”Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга быйыл урукку сыллардааҕар киин улуустарга тэҥнэһэр гына быдан сылыйыаҕа. I — II — III дэкээдэлэргэ ардах олох да суох”, — диэн норуот синоптига Тускул улуустарынан билгэтигэр холобурдуур. Ыам ыйа хайдах туруктаах күнү-дьылы бэлэхтиэҕэй? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.