Өрөспүүбүлүкэ субсудияны сүүмэрдээһин куонкуруска 85,7 мөлүйүөн солкуобайы ылан, икки креативнай индустрия оскуолатын оҥоруоҕа.
Дьокуускайга П.П. Романов аатынан уус-уран училищеҕэ уонна А.Д. Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжыгар оҥоһуллара былааннанна.
«Бу айымньылаах сайдыы, биһиги оҕолорбут үөрэхтэрэ тэрилтэ саҥа киэбэ буолар. Чуолаан, уус-уран училищэҕэ 90-тан тахса оҕо анимацияны уонна 3D-графиканы, хаартысканы, видеоны, дизайны баһылыаҕа. Чопчу айар идэлээхтэр бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран үөрэтии бырайыак төрүөтэ буолар», — диэтэ СӨ култууратын миниистирэ Юрий Куприянов.
Дьокуускайдааҕы култуура колледжыгар звукорежиссураҕа уонна звуковой дизайныгар, хаартыска уонна видео оҥоруу үс студия баар буолуоҕа, маны тэҥэ электроннай ырыа студията эмиэ киирдэ.
«Бу үлэ хайысхатыгар күүспүтүн ууран, биһиги инники сайдыы төрүөтүн олохтуубут. Оҕолор, эдэр исписэлиистэр бу оскуолаларга үөрэниэхтэрэ», — диэн Юрий Куприянов эттэ.