Өрөспүүбүлүкэ Индияны кытта холбоһуктаах фольклорнай уонна киинэ бырайыактарын сайыннарыаҕа. Бу туһунан СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу боппуруоһу СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министрэ Юрий Куприянов Владивостокка баар Индия генконсулун Севити Сай Муралины кытта көрсүһүүтүгэр кэпсэттилэр.
«Биһиги араас эйгэлэргэ хардарыта барыстаах бииргэ үлэлээһиҥҥэ, ол иһигэр кэлэктииптэрбит, театрдарбыт, музейдарбыт гастроллары тэрийиигэ бэлэмнэр. Билигин киинэ уонна фольклор хайысхаларын сайыннарыы боппуруоһа сытыытык турар», — диэн өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлэ эттэ.
Миниитир бэлиэтээбитинэн, сахалар номнуо Кутияттам Санскритскай тыйаатыр бөлөҕүн ыҥырбыттар, кинилэр ыһыах күннэригэр ыытыллар шедевры ЮНЕСКО тэрээһиҥҥэ кыттыахтара. Уопсайа биэс киһи кэлэн ыалдьыттыаҕа. Куприянов этэринэн, өрөспүүбүлүкэ Индия киинэ бэстибээллэригэр кыттарга, индийскэй киинэлэри көрдөрөргө бэлэм.
Генконсул бииргэ үлэлииргэ интэриэс баарын биллэрдэ уонна Саха сиригэр сайын ыһыахха кэлэрин туһунан иһитиннэрдэ.