Саха сиригэр өссө биир бөртөлүөт саахалланна

Бүгүн Саха сиригэр өссө биир бөртөлүөт саахалланна. От ыйын 1 күнүгэр Мииринэйгэ «Robinson» диэн чааһынай бөртөлүөт атын сиргэ түһэргэ күһэллибит.

edersaas.ru

Хомойуох иһин, бу  Саха сиригэр номнуо төрдүс түбэлтэ буолар. Барыллаан биллибитинэн, от ыйын 1 күнүгэр  «Robinson» бөртөлүөт  Мииринэй улууһун “Новай” сопхуос  былаһааккатыгар түспүт. Салгын суудунатын  хамандыыра уонна биир пассажир эчэйдилэр, кинилэргэ мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллар. Билигин силиэстийэлиир уорганнар бэрэбиэркэ ыыталлар (куттал суох буолуутун уонна салгын тырааныспарын туһаныы быраабылаларын кэһиигэ). Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

ТАР5АТ: