Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо ханаала тэриллэрэ былааннанар. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников отчуот кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Оҕоҕо сөптөөх, билиини хаҥатар, тылы байытар сахалыы контент баар буолуохтаах. Бу үлэ быйылгыттан саҕаланыаҕа, үбэ-харчыта көрүллүбүтэ. Бастатан туран, «Саха» НКИХ ханаалыгар арыллыаҕа, салгыы интэрниэт ситимигэр тарҕанан барыаҕа. Устуудьуйа тэриллиэҕэ, сөптөөх аппаратура ылыллыаҕа. Итиэннэ Россия таһымыгар биллэр, оҕо интэриэһиргээн көрөр мультипликационнай киинэлэрэ сахалыы тылбаастанан тахсыахтара», — диэтэ кини.
Оҕолорбут, ыччаттарбыт ситим нөҥүө төрөөбүт тылларын үөрэтэн, салгыы сайыннаран барыахтара диэн санаатын эттэ.