Саха сиригэр Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтииллэр — НВК Саха

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтииллэр. Бу туһунан Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Дьокуускайдааҕы духуобунай семинария улахан саалатыгар бырааһынньыктааһын чэрчитинэн 18.30 олохтоох бириэмэҕэ Саха сирин филармониятын симфоническай хорун кэнсиэрэ ыытыллар.

Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи библиотекаҕа көрбөт дьоҥҥо анаан, суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан кинигэ быыстапката тэриллиэҕэ. Ыалдьыттарга Брайль бөдөҥ шрифтынан анал формакка таһаарыллыбыт айымньылаах кинигэлэри уонна аудиокинигэлэри бэлэмнээтилэр.

Суорун Омоллоон 1906 с. балаҕан ыйын 1 (14) күнүгэр Таатта улууһугар III Дьохсоҕон нэһилиэгэр (Чөркөөх) төрөөбүтэ.

Бастакы айымньыта саха литературатыгар 1926 с. «Чолбон» сурунаал №2 бэчээттэммит «Өлүѳнэ ѳрүс» диэн кэпсээнинэн киирбитэ. Ол кэннэ сурунаалга «Охоноон», «Аанчык», «Сордоох суха» кэпсээннэрэ бэчээттэнэллэр. 

Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара.

Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах.