Саха сиригэр технология урбааныгар 160-тан тахса хампаанньа үлэлиир — НВК Саха

Креативнай индустрия салаатын тэрилтэлэрэ IT-хампаанньалар, оҥорон таһаарааччылар (разработчиктар) үбү-харчыны киллэрэллэригэр төһүү күүс буолаллар.

Биэс сыл иһигэр резиденнэр уопсайа биэс млрд кэриҥэ солк киллэрбиттэрэ бэлиэтэнэр.

2018 сылтан Саха сиригэр 19 муниципальнай IT-киин арыллыбыта. Оттон Дьокуускай куоракка технология урбаанын сайыннарыыга уонна өйөөһүҥҥэ икки улахан былаһаакка үлэлиир — «Саха сирэ» технопаарка уонна «Дьокуускай» IT-паарка. Манна 162 хампаанньа, 382 киһи үлэлиир.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирин экономикатын креативнай уонна инновационнай салааларга салайбыта. Бэрэсидьиэн көҕүлээһининэн уонна федеральнай киин өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ айар индустрия сайдыытыгар Уһук Илиҥҥэ уонна дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Саха сирэ аны уон сылынан регион креативнай экономикатын лиидэр оҥорорго дьулуһан улахан сыаллары-соруктары туруорар.

«Саха сиригэр сайдыы институттара технология урбаанын күүскэ өйүүллэр — чэпчэтиилээх аренда, табаар бэлиэтин регистрациялыырга, питчинг-сессиялары, акселератордары тэрийиигэ. Биһиги бу көмөлөрү көхтөөхтүк туһанабыт. «АЛРОСА» АХ уонна СӨ инновациятын сайдыытын пуондата тэрийбит куонкурустарыгар бородууктаны кэҥэтэргэ көрүллэр үбүлээһини ылыы сүүмэрдээһинигэр кыттыбыппыт. Маннык куонкурустар, көмөлөр биһигини сайдыы суолугар сирдиир, араас ыарахаттары туорааммыт иннибит диэки эрэллээхтик айанныыбыт», — диэн «Сайберия» хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Юриянна Захарова бэлиэтээтэ.

Быйыл Саха сирэ оҥорон таһаарбыт креативнай, инновационнай үлэлэрин «Россия» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-форумҥа уонна «Цифровой алмаз» II-c федеральнай форумҥа билиһиннэрдилэр.

ТАР5АТ: