Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тиэхиньигэ уматыгар, бензиҥҥэ, сэлээркэҕэ, ону таһынан айылҕа гааһын ситимин нэһилиэктэргэ тардыыга хара баһаам ороскуоту көрсөр. Тимир көлөлөөх дьон атын сиргэ оҥоһуллан кэлэр уматыкка дьиэ кэргэн бүддьүөтүттэн ботуччу үбү барыыр, дьиэтин ититэр гааһы туһаныыга эмиэ харчытын барыыр.
Маныаха бу ыар баттык буолбут хабалаттан тахсар суол тобулунна – быдан чэпчэки сыаналаах убатыллыбыт гааска көһүү саҕаланна. Ол аата тугуй? Хайдаҕый? Ону олоххо киллэрии хайдах буоларый?