Саха сирин баһылыга РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактарга  Сэбиэтин  мунньаҕар кытынна

Ыам ыйын 29 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин РФ Стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактарга уонна РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин хамыыһыйаларын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын салайан ыытта.

Тэрээһин “РФ Бэрэсидьиэнин 2024 сыл ыам ыйын 7 күнүнээҕи “2030 сылга диэри кэмҥэ  уонна 2036 сылга диэри кэскиллээх Арассыыйа Федерациятын сайдыытын национальнай сыалларын туһунан” Ыйааҕар чопчуламмыт национальнай сыаллары олоххо киллэриигэ ананна. Саҥардыллыбыт национальнай бырайыактары 2025 сылга үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

“Национальнай сыаллары ситиһиигэ үлэни муҥутуур чопчутук тэрийиэххэ, бары таһымнаах былаас уорганнарын хардарыта ситимнээхтик үлэлииллэрин олохтуохха”, — диэтэ судаарыстыба баһылыга.

Маныаха Бэрэсидьиэн нацбырайыактар түмүктэрин ахсаанынан эбэтэр туһаныллыбыт үп кээмэйинэн буолбакка, дьон олоҕо дьиҥнээхтик хайдах уларыйбытынан уонна дьон ону бэйэлэрэ хайдах билинэллэринэн сыаналаныаҕын чопчулаата.

“Бары билэрбит курдук, дойдубут инники сүрүн соруктара бойобуой линияҕа быһаарылла турар. Онон миэстэтигэр бука бары биһиги уолаттарбыт фронт линиятыгар үлэлииллэрин курдук дьаһаныахтаахпыт. Куруук ситимнээхтик илиини араарбакка үлэлиэхтээхпит, биһиги бары Арассыыйа историятын ханнык түгэнигэр сылдьарбытын таба өйдөөн,  итиннэ олоҕуран сыалбытын уонна сорукпутун уонна үлэбит истиилин чопчулуохтаахпыт”, — диэтэ Бэрэсидьиэн.

Санаттахха, Нацбырайыактарынан хамыыһыйалары кытта Сэбиэт мунньаҕын тэрийэр туһунан судаарыстыба баһылыга этии киллэрбитэ, Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр уонна ыам ыйынааҕы Ыйаахха туруорулубут соруктары хас биирдии эрэгийиэҥҥэ хайдах быһаарыллыахтааҕын дьүүллэһэр туһуттан.

“Саҥа национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ сыһыаннаах чопчу кэпсэтии буолла. Госсэбиэт оробуочай бөлөхтөрүн бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар, бэйэлэрин хайысхаларынан дакылааты бэлэмнээн. Бүгүн эрэгийиэннэр түмүллүбүт санааларын Бэрэсидьиэҥҥэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа тиэрдилиннэ”, — диэтэ Айсен Николаев, мунньах хайдах ааспытын туһунан комментарийдыырыгар.

“Судаарыстыбаннай Сэбиэт, Госсэбиэт хамыыһыйаларын оруолларын күүһүрдэн, Бэрэсидьиэн бүгүн сорудах биэрдэ, онно олоҕуран Госсэбиэт хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрэ Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бырайыактыыр кэмитиэттэригэр солбуйааччыларынан буоллулар. Кэмитиэттэр балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри бигэргэтиллэрин курдук бырайыактары бэлэмниэхтэрэ. Бу эрэгийиэннэр дойду суолталаах соруктарын олоххо киллэриигэ быһаччы кытталларыгар, кинилэр санааларын муҥутуурдук болҕомтоҕо ылалларыгар  олус суолталаах дии саныыбын”, — диэтэ Саха сирин Ил Дархана.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

ТАР5АТ: