Саха сирин хампаанньалара Шанхайга Норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кытталлар

Саха сиринээҕи “Арктика трейд” уонна “Сайберия” хампаанньалар Шанхайга сэтинньи5-10 күннэригэр ыытыллар Тас дойдуттан киирэр табаардар уонна өҥөлөр Кытайдааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы V быыстапкаҕа кытталлар. Быыстапкаҕа “Made in Russia” Арассыыйа уопсай истиэндэтигэр Арассыыйа 29 бородууксуйата көрдөрүүгэ турда.

Саха сирин хампаанньалара бу быыстапкаҕа кыттарга  Арассыыйатааҕы экспорт киинин судаарыстыбаннай өйөбүлүн ылыыга сүүмэрдэммиттэрэ, бу киин ирдэнэр докумуоннары толоруу, истиэндэни тэрийии уонна арыаллааһын ороскуотун сорох чааһын толуйда.

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ Саха сирин биисинэһэ Кытай ырыынагар тахсыытыгар уонна олохтоох бородууксуйаны, бырайыактары хамсатыыга интэриэстээх . “Саха сирэ сырье буолбат салаалары көхтөөхтүк тэнитиигэ дьулуһар. Бу хайысхаҕа бииргэ үлэлэһиибит түмүктээх буолуоҕа уонна урбаанньыттарбытыгар батарыы саҥа ырыынагын баһылыырга, эбии инвестицияны тардарга көмөлөһүөҕэ диэн эрэнэбин”, — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.

“Арктика трейд” хампаанньа сэлии муоһуттан сувенирдары уонна киэргэллэри оҥорор. Хампаанньа дириэктэрэ Альберт Охлопков этэринэн, хампаанньаҕа көмөнү Саха сирин экспорка киинэ көмөлөһөр, манна тэрилтэлэр табаары таска таһаарыыга сүбэни-аманы босхо ылаллар.

“Хас да сыл устата Кытай ырыынагар тахсыыны торумнаабыппыт. Маныаха Саха сирин экспорка киинэ көмөлөстө. Бу саас биир сэминээргэ Шанхайга ыытыллар быыстапкаҕа кыттыыны үбүлээһиҥҥэ Арассыыйатааҕы экспорт киинигэр сайаапканы биэриэххэ сөбүн билбиппит. Онтон нэдиэлэ курдугунан тус кэбиниэккэ сайаапка бигэргэммитэ уонна Арассыыйатааҕы экспорт киинэ быыстапкалыыр сири арендалааһыҥҥа ороскуоту сүүс бырыһыан, быыстапка истиэндэтин оҥорууну 80%, ону тэҥэ бородууксуйаны ыытарга 80% толуйарга сөбүлэспитэ. Ыалдьыттар истиэндэбитин сэргээтилэр. Төһө да харантыын кэмэ буоллар, олус сөҕүмэр быыстапка тэриллэн, аан дойдутааҕы бренд көрдөрүүгэ турар. Хампаанньабыт сайдыытыгар бу тэрээһин көмөлөһүөҕэ”, — диэтэ кини.

Быыстапка гибриднэй көрүҥүнэн ыытыллар, онон сорох хампааньалар онлайн кытталлар. “Сайберия” хампаанньа атыыга менеджерэ Валерия Яковлева этэринэн, маннык көрүҥ хампаанньа истиэндэтэ Шанхайга турарын курдук көрдөрүллэр, оттон хампаанньа аатыттан бородууксуйаны Арассыыйа экспорка киинэ билиһиннэрэр.

“Камераларынан истиэндэни онлайн эрэсииминэн көрөбүт. Видео-кэмпириэнсийэ сибээһинэн дьиҥнээх атыылаһааччылары кытта көрсүһүү кыраапыга оҥоһуллубута. Вебинардар уонна сэминээрдэр тэриллэн, Кытай ырыынагын арыйаллар”, — диэтэ кини.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах саайтан

ТАР5АТ: