«МЫ ВМЕСТЕ» бүтүн Россиятааҕы аахсыйа чэрчитинэн регионнааҕы култуура тэрилтэтэ мобилизацияламмыт дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тэрээһиннэри ыытар.
Россия саллааттарыгар анаан кэнсиэрдэри, испиктээкиллэри көрдөрөллөр, таҥастарыгар-саптарыгар көмө оҥороллор.
«СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ бүтүн Россиятааҕы «МЫ ВМЕСТЕ» аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр былааннарын оҥордо. Кэнсиэрдэртэн, испэктээкиллэртэн киирбит үбү-харчыны дойдубут саллааттарыгар ыытыахпыт», — диэн СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов эттэ.
СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин үлэһиттэрэ күннэтэ баһыылканы тутууга, ыытыыга көмө буолаллар. Саха сиринээҕи циркэ тигэр сыаҕын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 30 суумканы тиктилэр. Регионнааҕы Филармония духовой оркестрын артыыстара мобилизацияламмыт дьону атаарыыга кытыннылар.
Алтынньы 4 күнүгэр «Александр Невский» диэн ааттаах кэнсиэр ыытылынна, манна Саха сирин Филармонията, Опера уонна балет тыйаатырын солиһа Екатерина Корякина уонна дирижер Фабио Мастранджело кыттыыны ыллылар. Кэнсиэргэ мобилизацияламмыт дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр уопсайа 87 тыһ. тахса солкуобайы хомуйдулар.
Алтынньы 10 күнүгэр «Мы вместе!» диэн иккис кэнсиэр буолла. Бырагыраамаҕа Lena River Brass духовой оркестр, Симфоническай хор уонна Саха сирин Филармониятын солистара бэйэлэрин нүөмэрдэрин бэлэх ууннулар. Уопсайа 20 тыһ. солк хомулунна. Үһүс кэнсиэр алтынньы 22 күнүгэр буолара былааннанна, манна киирбит харчыны барытын саллааттар таҥастарын-саптарын атыылаһарга ыытыахтара.
Саха сирин судаарыстыбаннай тыйаатырдара испиктээкиллэри ыытарга былаанныыр. Салгыы байыаннай сулууспалаахтар, мобилизацияламмыт дьон иннигэр анал биригээдэ көһө сылдьар кэнсиэрдэри тэрийиэҕэ.