Бүгүн айылҕа иэдээнигэр — сааскы халааҥҥа түбэспит Нам улууһун нэһилиэктэригэр «Сахамедиа» холдинг суруналыыстарын бөлөҕө тэрилтэ үлэһиттэрэ хомуйбут гуманитарнай көмөлөрүн илдьэн биэрдибит, Хатырык, Модут уонна Партизан нэһилиэктэринэн сылдьан, бүгүҥҥү балаһыанньаны кытта билсэн, дьону-сэргэни кытта кэпсэттибит.
Улуус дьаһалтатыгар тиийбиппитигэр, киирэр аантан гуманитарнай көмөнү хомуйар пууҥҥа уочарат эбит. Кэлии-барыы, сүпсүлгэн үгүс. Дьаһалтаҕа киирэн билсибиппит, бары нэһилиэктэртэн суол-иис суох буолан, гуманитарнай көмөнү мотуордаах оҥочонон тиэрдэ олорор буолан, Маймаҕа нэһилиэгэр кэлии-барыы бытаан соҕус эбит. Онон көлөлөөх дьон быһыытынан, тута баһылык Александр Егоровка эрийээт, гуманитарнай көмөбүтүн Маймаҕаҕа тиэрдээри гынарбытын эппиппитигэр, Александр Иванович бэйэтэ утары кэлэн көрсүөх буолла. Онон бириэмэни ыыппакка, Хатырыгынан Маймаҕа туһаайыытын тутустубут. Тиийбиппитигэр, баһылык номнуо кэлэн, күүтэн турар эбит. Тута массыынаттан массыынаҕа гуманитарнай көмөбүтүн куруустаан бардыбыт.
Ыраастыыр, сууйар санитарнай тээбириннэр уонна тэриллэр суруктарын көрөөт: «Оо, бу билигин саамай наадалаахпытын аҕалбыккыт. Тиийэн дьоммор түҥэтиэм», — диэн Александр Иванович үөрэн бэлиэтээтэ.
Александр Иванович бэрт улахан хоромньу тахсыбытын кэпсээтэ:
Эмчиттэр, субуотунньукка кэлбит дьон суол оҥоһулларын күүтэн олороллор эит. Турбалары туруорааттарын кытта, араас хайысханан үлэлиэхтээх бөлөхтөр Маймаҕаҕа айанныахтара. Бу туһунан баһылык маннык кэпсээтэ:
«Сахамедиа» холдинг гуманитарнай көмөтүн куруустанаат, баһылык Афанасий Егоров бэрт ыксалынан Маймаҕатын диэки айанныы турда.