Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри сүрүн бородууктаны, табаары тиэйиини тэтимирдэргэ, ону тэҥэ, өрүс уонна Хотугу муора суолларынан таһаҕаһы тиэрдии үлэтин бэлиэр бэлэмнииргэ сорудахтаата. Итини тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ улуустарын уонна куораттарын социальнай суолталаах бородууктанан уонна табаарынан хааччыллыы хайдах-туох ыытылларын хонтуруолга тутуу салгыы барыахтааҕа ыйылынна. Бу сорудахтар бэҕэһээ, муус устар 12 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ бородууксуйанан хааччыллыыга куттал суох буолуутугар аналлаах мунньах этиллибиттэрэ.
Ил Дархан таһаҕаһы тиэйии бастакы түһүмэҕин этэҥҥэ тэрийбит өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаапка махтанна. «Социальнай суолталаах бородуукталары тиэйии бара турар, ону тэҥэ, Аллараа Бэстээххэ уонна Дьокуускай куоракка кэлэн сүөкэниллибиттэрэ», — диэн Айсен Сергеевич быһаарар.
Ил Дархан мунньахха сайыҥҥы уу суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ бэлэмнэниини эрдэттэн былаанныылларыгар, чуолаан тиэйии маршрутун уу тэстибэт гына чуолкайдык, былааннаахтык оҥороллоругар ыйда. Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ федеральнай киин өйөбүлү оҥорорго быһаарыныыны ылыммытыгар, болҕомтолоохтук сыһыаннаһан үлэлииллэригэр эттэ.
Вице-премьер Михаил Никифоров кулун тутар 10 күнүттэн Аллараа Бэстээхтээҕи тимир суол ыстаансыйатыгар бурдуктаах, саахардаах, куруппалаах, уотурбалаах 600-тэн тахса богуон сүөкэниллибитин туһунан иһиттиннэрбитэ. Онон бородууктанан хааччыллыы сөбүгэр бара турар. «Якутоптторг» АУо бородуукта сыанатын тутар сыалтан 200 мөл солк. кирэдьиит ылбыт. Ити иэс өрөспүүбүлүкэҕэ бородуукта саппааһын хааччыйыыга туһаныллар субсидияттан төлөнүллүөҕэ.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ бородуукта саппааһын хааччыйар инниттэн сөптөөх дуогабардар хайыы-үйэ түһэрсиллибиттэр. Муус устар 10 күнүнээҕи туругунан, 3184,77 туонна бородууктаттан 2643,10 туонната аҕалыллан сүөкэниллибит, бу 82,99 %-ҥа тэҥнэһэр. Муус устар бүтүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ бородууктаҕа саппааһын кээмэйэ барыта туолуоҕа. Бородуукталар, табаардар «Якутоптторг» АУо Дьокуускайга уонна Аллараа Бэстээххэ баар ыскылааттарыгар харыйыллыахтара.
СӨ урбааҥҥа миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрбитинэн, «Алмазэргиэнбаан» 8 %-наах чэпчэтиилээх кирэдьиитин туһанарга 13 сайаапка киирбит, ол барыта 1,4 млрд солк. тэҥнэһэр. Киирбит сайаапкаттан иккитигэр кирэдьиити биэриэхтэрэ, уоннааҕыларга сотору сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа. Оттон Урбааны сайыннарыы пуондатыгар урбаанньыттартан 48 мөл солк. сууммаҕа кирэдьиити ыларга 31 сайаапка киирбит.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба Пресс-сулууспата