Үгүстэр Ньукуолун күнүттэн сайын саҕаланар дииллэр эрээри, ити кэмҥэ муус өссө да ситэ барбакка, салгына тымныы, от-мас төһө да көҕөрбүтүн иһин, ситэ илик буолар. Оччотугар дьиҥнээх сайын хаһааҥҥыттан саҕаланар?
“Саха төрүт культурата” кинигэҕэ сурулларынан, сайыҥҥы кэм барыта 75 үтүө күннээх, түөрт кэрдиис кэмҥэ арахсар:
Сайын сибикитэ – 11 күн, бэс ыйын 4-15 күннэрэ.
Сайын саҕаланыыта – 28 күн. Бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри.
Сайын муҥутааһына – 21 күн. От ыйын 13 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри.
Сайын кэхтиитэ – 15 күн. Атырдьах ыйын 4-18 күннэрэ. Отон буһар, тэллэй үүнэр.
Оттон “Күн-дьыл эргиирэ” кинигэҕэ: “Бэс ыйын 3 күнүттэн сайын саҕаланар. Сити күн ыаллар сайылыкка көһөллөр. Сахалар дөлүһүөн сибэккитэ ситиитин сайын кэлбитинэн сыаналыыллар. Бу ыйга көтөрдөр сымыыт баттыыр үгэннэрэ” – диэн суруллар.
Маны тоҕо суруйабын диэ, сахалар сайын хаһааҥҥыттан саҕаланарын чопчу билбэппит. Ыам ыйын 22 күнэ үүннэ да, сайын кэлбитинэн уруйдаһыы буолар. Атыттар бэс ыйын 3 күнүттэн, сорохтор бэс ыйын 4 күнүттэн дэһэллэр.
Ньукуолунтан саҕаланарын үгүс киһи ылыммат, нууччалартан киирии уонна соҕуруу дойдуларга тэҥнээтэххэ Саха сиригэр күн-дьыл хойутуур диэн быһаараллар. Биир-икки күн оруолу оонньообот, бэс ыйын 3-4 күннэриттэн саҕаланар диэн уопсай этиэххэ сөп буолуо эрээри, дьыл атын кэмнэрэ бу мантан эмиэ быһаччы тулуктааҕын быһыытынан, чопчу биллэрэ ордук курдук. Онон бүгүн: “Сайын кэлбитинэн!” — дэһэбит дуу, суох дуу…