Оригинал
2 перевода
Тиһэх сардаҥа тиэтэйэн
Долгун устун ойуолуур,
Ойон иһэн, бүдүрүйэн,
Охтон ууну ойуулуур.
Уҥуор эрдии элэҥниир,
Тыы устан сундулуйар,
Талаанныран килэҥниир —
Бүлүү эбэм улуутуйар.
Ыраас ууга сэрэнэн
Ый алтанын суурайар,
Кыыс ырыатыгар бигэнэн
Киэһэ Бүлүүм нухарыйар.