Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри онус сыллата ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл онлайн уонна оффлайн киэптэринэн буолуоҕа. Бу туһунан СӨ урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Бу сыллар усталарыгар бэстибээл ураты суолталанна, кыттааччыта, ыытыллар тэрээһинэ элбээтэ уонна хаҥаата. Уон сыл устата бу тэрэһиин туризмы, култуураны, спорду уонна урбааны ситимнээтэ. Биһиги бэстибээлбит норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах буолла. «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар хаһыс да сылын үөрүүнү бэлэхтиир», — диэн СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких бэлиэтээтэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун уонна ыалдьыттарын элбэх саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр күүтэллэр. Саха сиригэр бастакытын «The Snow Queen in Yakutia» арт-шоу ыытыллар, «Охота на северное сияние» фото-видеоконкурс буолуоҕа, чөл олоҕу тутуһар Саха сирин «моржтара» устуохтара, «Россия-Мин историям» историческай паарка саха остуоруйаларынан «Кыһыҥҥы остуоруйа» мультимедийнай бырайыагы, маастар-кылаастары, виртуальнай быыстапкалары, фотобыыстапкалары бэлэмнээтэ.
Ону тэҥэ «Arctic Fashion Show-2021» өрөспүүбүлүкэ дизайнердарын үлэлэрин көрдөрүү «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.
Бу сылга бэстибээл чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ киинигэр «Атласовтар уһаайбалара», «Үрдэл» сынньалаҥ пааркатыгар, 202 микрооройуоҥҥа муус оҥоһуктар туруоруохтара.
Бэстибээл үгэс быһыытынан ахсынньы 1 күнүгэр киин куорат сүрүн болуоссаттарыгар Саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уоттарын уматыынан түмүктэниэҕэ.