«Север» билим уонна үөрэх киинэ климакка үлэтин күүһүрдүөҕэ — НВК Саха

Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа сылдьан «Север» регионнар икки ардыларынааҕы билим уонна үөрэх киинэ 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарда уонна 2024 сылга үлэ сүрүн сыалын-соругун туруорда.

«Ааспыт сылга «Север» билим уонна үөрэх киинэ улахан үлэни ыытта. Биһигини кытта үлэлиир индустриальнай партнердар, университеттар, билим институттар ахсааннара элбээтэ. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ уонна Н.Э.Бауман аатынан МСТУ биһигини кытта күүскэ үлэлэһэллэрэ үөрдэр. Билим эйгэтигэр арыйыылары олоххо киллэрэр үлэ түмүктээҕэ саамай кылаабынай буолар. 2024 сылга климат өттүгэр үлэни күүһүрдэрбит былааннанар», – диэтэ Ил Дархан.

Көрсүһүү кэмигэр «Север» регионнар икки ардыларынааҕы билим уонна үөрэх киинин бырайыак офиһын салайааччыта Евгений Колганов М.К.Аммосов аатынан ХИФУ уонна Россиятааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин билим киинин федеральнай чинчийэр киин институтун көхтөөх үлэлэрин бэлиэтээтэ. Уопсайа «Север» 2023 сыллааҕы көрдөрүүлэригэр Саха сирэ 50%-тан тахса кылааты оҥордо.

«Биһиги индустриальнай партнердар интэриэстэрин тардар «Северный ТУР – технологии устойчивого развития» диэн саҥа форматы киллэрдибит. Бу билим үлэһиттэригэр сөптөөх, кинилэр арыйыыларын быһаарыныыны ылар дьоҥҥо тириэрдэргэ тирэх буолар. Ону тэҥэ «Север» хампаанньа бырайыактара араас инновационнай хайысхаларынан оҥоһуллаллар: таҥас-сап, анал тырааныспар систиэмэлэрэ, биотехнология уонна дойду хотугулуу-илин өттүн отун-маһыттан оҥоһуллубут косметика бородууксуйата. Резиденнарбыт номнуо Арктикатааҕы лабыктаттан уонна таба кулааһай муоһуттан БАДтары оҥорор уопуттаахтар. Оннук, холобур, криолитозона биологическай кыһалҕаларын института буолар. Сыл бүтүөр диэри билим уонна үөрэх киинин бородууксуйатын көрүҥэ биллэрдик кэҥиэҕэ диэн эрэнэбин. Бастакы оҥоһуллубут бородууксуйаны күһүн туттуохха сөп буолуоҕа. Араас хотугу балык коллагеннаах, тигээйи буоскалаах уонна дьааттаах кириэмнэр, маастар, ону тэҥэ шампунь араас көрүҥэ оҥоһулла сылдьаллар», – диэн Евгений Колганов эттэ.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, «Наука и университеты» национальнай бырайыак чэчритинэн, Россияҕа аан дойду таһымнаах 15 билим уонна үөрэх киинэ  баар буолла. Кинилэр ортолоругар «Север» билим уонна үөрэх киинэ киирсэ сылдьар. Кииннэргэ араас чинчийиилэри ыыталлар, саҥа технологиялары, бородуукталары оҥороллор, ону тэҥэ үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнииллэр.

«Север» билим уонна үөрэх киинин иһигэр 23 билим тэрилтэтэ, 13 университет, дьиҥнээх сиэктэр 32 хампаанньата киирсэ сылдьаллар. «Север» иитинэн биэс Уһук-Илиннээҕи регион бииргэ үлэлиир. Ол курдук, Саха сирэ, Сахалин, Магадан, Камчатка уонна Чукотка. Билим уонна үөрэх киинэ тоҕус технологическэй бырайыакка уонна 21 инфраструктурнай бырайыакка кыттар. Икки аҥаар сыл иһигэр «Север» резиденнара 125 технологияны оҥорон таһаарыыга киллэрдилэр, 290 саҥа арыллыыны патеннаатылар.

ТАР5АТ: