Сиимик — Күөх көтөр

Мин үрүҥ ыарҕам эн сытын…
Тымныы ытыскын сиэтэммин…
Мин билбэккэ тимирэбин…
Эн халлаан хараҥа харахтаргар…
Эн халлаан хараҥа харахтаргар мин билбэккэ тимирэбин
Тымныы ытыскын сиэтэммин мин сүрэхпин ириэрэбин
Мин үрүҥ ыарҕам эн сытын миигин уоскутар
Кутпар кутар — курууспун утутар
Эн халлаан хараҥа харахтаргар мин билбэккэ тимирэбин
Тымныы ытыскын сиэтэммин мин сүрэхпин ириэрэбин
Мин үрүҥ ыарҕам эн сытын миигин уоскутар
Кутпар кутар — курууспун утутар
Угуйар хара харахтарын мин тимирэбин эмиэ
Ол иһин билбэппин хайдах кэлбиппин манна
Хара маҕан хартыына эн мин аттыбар
Көрсөн турабыт ый уотун анныгар

Куустум эйигин
Биилгиттэн эйигин
Таарыйдым илиигин
Синньигэс илиигин
Сырдык ый уотун анныгар тутан турабын күөх көтөрбүн
Күндүбүн-көмүспүн
Билэбин көрөбүн

Куустум эйигин
Биилгиттэн эйигин
Таарыйдым илиигин
Синньигэс илиигин
Сырдык ый уотун анныгар тутан турабын күөх көтөрбүн
Күндүбүн-көмүспүн
Билэбин көрөбүн

Сиэт илиибин батыс миигин
Халлааҥҥа көтөбүт билигин
Итиигин эн итиигин
Миигин кууһан эмиигин
Күөх көтөрбүн мин көрөбүн
Күөх көтөрбүн мин билэбин
Киэҥ куйаарга иккиэн дайаммыт
Кураанах халлааммытын хаалларабыт
Күн тыгар эн аттыгар
Хаар сүрэхпэр ууллар
Тыал миигин сылытар
Эмиэ хара маҕан хартыына
Эн эрэ аттыбар
Ый уотун анныгар

ТАР5АТ: