Бүөтүр идэтинэн эрдэ туран уу оргутан чааскытыгар үүттээх чэй оҥоһунна. Дьоно туруохтара өссө да эрдэ. Кини бүгүн биисинэһигэр улахан сууммалаах дуогабар баттаһыахтаах. Бэҕэһээ киэһээ “сарсыарда туран сиэр” диэн ойоҕо бэлэмнээбит аһын аҕыйахта баһан сиэтэ уонна итии чэйин соппойо-соппойо түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу олордо. Киһи үүттээх чэй иһэ олорон ону-маны саныыра үксүүр. Бүөтүр санаата ырыых-ыраах эдэр кэминээҕи олоҕор эргийдэ.